Салгыы
Кубаны быыһаатылар

Кубаны быыһаатылар

Ааптар:
05.10.2022, 15:09
Бөлөххө киир:

Халлаан тымныйан, кыптый кынаттаах бииһэ соҕуруу дойду диэки көтөр. Үгүстэрэ өтөхтөрүн быспыттара. Ол эрээри, айылҕаҕа араас бары буолар. Ол курдук,  Ньурба улууһун олохтооҕо Александр Васильев Хаҥалас нэһилиэгин Маар Күөл диэн сиригэр соҕотох куба сылдьарын бэлиэтии көрбүт.

Дьиҥэр, мааны көтөр үөрдэрин кытта соҕуруу көппүтэ быданнаабыт буолуохтаах этэ.  Александр Васильев кыһын буолуор диэри барбакка сылдьар кубаны үчүгэйдик кэтээн көрөн, уҥа кынатын эчэппитин билбит.  Тутан ылан дьиэтигэр илдьибит уонна Ньурбатааҕы экологияҕа кэмитиэтигэр тыллаабыт. Кэмитиэт үлэһиттэрэ көтөрү Дьокуускай илдьэргэ быһаарбыттар. Бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, кубаны өрөспүүбүлүкэтээҕи «Орто Дойду» зоопаркаҕа аҕалан туттардылар. Онон айылҕа маанылаах көтөрө этэҥҥэ буолар дьылҕаланна.  Александр Васильев Ньурбаҕа оҕо спортивнай оскуолатыгар тириэньэрдиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: