Кубергеня, Кэйкюрюя, Адьмонте, Брюнгеде – ханнык омук тылларай?
Бу күннэргэ ааҕааччыларбыт социальнай ситимнэртэн урукку иһитиннэриини булан ыланнар, төрүт сирдэрбит-уоттарбыт, үрэхтэрбит-өрүстэрбит хаһааҥҥа диэри сыыһа суруллубут ааттарынан туралларый, хаһан көннөһүллүөй диэн ыйыттылар. Бу боппуруос турбута син балай эмэ кэм ааста эрээри, билигин даҕаны күттүөннээх хамсааһын көстүбэт. Кубергеня, Кэйкюрюя, Адьмонте, Брюнгеде, Донкодма, Едей, о.д.а. буолан баран олоробут.
Сирбит-дойдубут, алаастарбыт, үрэхтэрбит, өрүстэрбит, хайаларбыт – географическай эбийиэктэр диэн ааттаналлар. Бу киһи аймах ааспыт олоҕун, олорон ааспыт дьон, быһыы-майгы өйдөбүлүн кэрэһилиир уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ону тиэрдэр аналлаах. Географическай эбийиэктэр ааттара, ол эбэтэр бу сир ханна баарын, бу түгэн ханна буолбутун көрдөрөр кыахтаахтарынан улахан суолталаахтар. Олорор сириҥ-уотуҥ, бултуур-балыктыыр күөлүҥ, о.д.а. аата суох буолбаттар. Бу өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторо, төрдүбүт туһунан устуоруйа кырдьыга буолар. Күннээҕи олоххо киһи улаханнык аахайбат курдук эрээри, улахан суолталаахтар.
Сокуонунан көмүскэллээх?
Билигин 1997 сыл ахсынньы 18 күнүнээҕи «Географическай эбийиэктэр ааттарын туһунан» 152-ФЗ №-дээх федеральнай сокуонунан салайтарабыт. Бүтэһигин 2021 сыллаахха уларытыылар киирбиттэрэ. Бу сокуоҥҥа ааттар Арассыыйа норуоттарын историческай уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрин быстыспат чааһа буолаллар диэн суруллар. Ити сокуон быһыытынан, географическай эбийиэктэр ааттарын атынынан солбуйуу көҥүллэммэт. Саха сирэ Арассыыйа быстыспат сорҕото буоларынан, биллэн турар, географическай эбийиэктэр ааттара нууччалыы суруллар.
Сокуонунан географическай эбийиэк аата Арассыыйа судаарыстыбаннай тылынан уонна ону кытта тэҥҥэ атын омуктар тылларынан суруллуута нууччалыы орфография быраабылаларыгар уонна тустаах норуоттар орфографияларыгар сөп түбэһиннэрэн суруллуохтаах. Оттон биһиэхэ икки тылынан буолуохтааҕар, ааттарбыт да чопчуланаллара эрэйдээх.
Буруй эрэ Моттойоҕо…
Бу күннэргэ эмиэ социальнай ситиминэн «Адьмонте», «Брюнгаде», «Бивуачы» диэн туох ааттарый, «Бүлүү» суол салалтата Томпо, Өймөкөөн, Чурапчы, Таатта улуустарыгар баар өрүстэр ааттарын өйдөммөт гына суруйбут диэн биир киһи сонньуйбут санаата тарҕанна.
Дьиҥэ, бу сонньуйуу бүгүҥҥү күннээҕи буолбатах, былырыыҥҥыттан эргийэ сылдьар. Ол эрээри маннык кыһалҕа баара чахчы уонна быһаарыллара биир күн буолбатах. Эмиэ да ардыгар маннык дөрүн-дөрүн «чыпчаххайдаан» санатар кыһалҕа быһаарыллыытын түргэтэтиэн сөп.
Холобур «Адьмонте» диэн дьиҥэ Ат моойо диэн үрэх эбит. Өймөкөөн улууһун «Брюнгаде», «Бивуачы» диэн үрэхтэрин айбыт киһи бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Киһи күлэр даҕаны, сонньуйар даҕаны. Маннык ааттар олус элбэхтэр, ол эрээри биир болҕомтолоох киһи киэҥ араҥаҕа тарҕатан үгүстэри толкуйга түһэрдэҕэ.
«Бүлүү» суол управлениетын салалтата биһиги нэһилиэктэр уонна өрүстэр ааттарын уларытар бырааппыт суох диир, Росреестргэ регистрацияламмыт эбийиэктэр географическай ааттарын реестригэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллалларын быһаарар. 2017 сыллаахха Саха сиринээҕи Росреестр салалтата суол бэлиэтигэр ыйыллыбыт эбийиэктэр географическай ааттара төһө сөп түбэһэллэрин бэрэбиэркэлээбитин, ол түмүгэр ыйыллыбыт ааттары бигэргэммит Географическай ааттар реестрдэригэр сөп түбэһиннэрэргэ дьаһал тахсыбытын эттилэр. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар сир аата барыта бэрээдэктэниэхтээҕин эппиппит. Бириэмэ баран иһэр, ол эрээри кыһалҕа түргэнник быһаарыллан испэт диэн тустаах тэрилтэ эмиэ муҥатыйар.
Дьокутааттар дьүүллэһэллэр
Географическай эбийиэги ким талбытынан нууччалыы тылбаастаан докумуоҥҥа киллэрэрэ сыыһа буолара биллэр. Сыыһа-халты үгүстүк айан суолун быһа охсон ааһар үрэхтэргэ уонна нэһилиэнньэлээх пууннар ааттарыгар тахсарын бэлиэтиэххэ наада. Холобур, биир нэһилиэк аата сыыһа сурулуннаҕына, сүүһүнэн-тыһыынчанан киһи олоҕор сабыдыаллаах, хоромньулаах буолуон сөп.
Иллэрээ сыл буолбут мунньахха Сунтаар улууһун баһылыга, биһиэхэ Күүккүрэ үрэхпит «Кэйкюрюя», Дьоҥкуодумабыт «Донкодма», Сиэйэбит олох даҕаны «Шея» буолан хаалла диэн турардаах. Өссө даҕаны элбэх сир аата алҕастардаах диэбиттээх. Ол мунньахха үгүстүк «Бүлүү» суолун управлениета хаарыллыбыта. Бу күннэргэ социальнай ситиминэн тарҕаммыт иһитиннэриигэ эмиэ кинилэр «буруйданнылар».
Быйыл саас Ил Түмэҥҥэ буолбут мунньахха норуот дьокутаата Юрий Николаев, Мииринэй улууһугар Таас Үрэх диэн сэлиэнньэ баарын, докумуоҥҥа ким хайдах саныырынан, ардыгар уһатан, сороҕор кылгатан суруйалларын, онтубутун «Тас» дэтэрбит, нууччалыы суолтата «Внешняя река» буолар диэбитэ. Оттон Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков эрдэ географическай эбийиэктэри ааттыылларыгар судаарыстыбанай каталогка киирбит алҕастары көннөрүү үлэтэ барыахтааҕын бэлиэтээбитэ. Быйыл тахсыбыт сирдэр ааттарын тылдьытыгар Халымаҕа баар Улахан Туона диэн күөл нууччалыыта «Большая Тоня», Абый улууһугар баар Кэбэргэнэ нэһилиэгэ «Куберганя» буолбуттарыттан сонньуйбутун эппитэ.
Росреестр салалтатын геодезияҕа уонна картографияҕа отделын начаалынньыга Татьяна Назарова онно хоруйдууругар, олус элбэх географическай эбийиэк: муниципальнай тэриллиилэр кыраныыссаларынан ааһар күөллэр, үрэхтэр, өрүстэр биһиги каталогпутугар регистрацияламмакка сылдьаллар диэн эппитэ. Сахалыы географическай ааттар тылдьыттарын таһаарары Федеральнай сокуон 152-с ыстатыйата суол бэлиэтигэр сир икки тылынан суруллара көҥүллэнэрин быһаарбыта. Итиэннэ географическай ааттары судаарыстыбаннай каталогка киллэртэриэх иннинэ, сыыһа тахсыбатын курдук, муниципальнай тэриллиилэр Росреестр салалтатыгар кэлэн сүбэлэттэрэллэрэ ордугун бэлиэтээбитэ.
Таатталар холобурдара
Эппитим курдук, кэнники сылларга географическай эбийиэктэр ааттарын быһаарсыы туһунан Ил Түмэн икки мунньаҕар сырыттым. Манна үгүстүк Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччитэ Гаврил Вырдылин дойдутун сирдэрин ааттарын бэрээдэктээһиҥҥэ үлэтин туһунан бары даҕаны сэргии истибиппит. Кини онно, 2019 сыллаахха, олохтоох бэйэни салайыныыга киириэх иннинэ сирдэрбит ааттарын чопчулуохха наада диэн нэһилиэк баһылыга хамыыһыйа тэрийэн үлэбитин саҕалаабыппыт диэбитэ. Салгыы нэһилиэк кырдьаҕастарын, сиргэ сыһыаннаах үлэһиттэри, булчуттары мунньан, дьүүллэһэн, чопчулаан баран нэһилиэк дьаһалтатыгар баар сири оҥорууга исписэлиистэн каарта ылан, сирдэрин ааттарын онно бүтүннүү киллэрбиттэр. Ол кэннэ сирдэрин ааттарын бырагыраамаҕа киллэрэн, төлөпүөн сыһыарыытыгар оҥорон, билигин нэһилиэк дьоно бары туһанар буолбут.
Ити курдук, биир нэһилиэктэн саҕаламмыт үлэ бары нэһилиэктэргэ тарҕанан, таатталар сирдэрин-уоттарын ааттарын сөргүппүттэр. Кыһалыннахха, туох барыта кыайтарыан сөп. Онон кинилэр холобурдарын атын улуустар, нэһилиэктэр туһаныаххытын сөп. Арай, кыһалҕа оҥостуохтарын баҕарбат, эппиэтинэстэн куотар, үлэттэн көлбөрүтүнэр дьоҥҥо туох да кыайтарбата буолуо дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: