«КубИТ» технопаарка үлэһиттэрэ кыһалҕалаахха көмөлөһөллөр
Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэрин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ кырдьаҕастарбытыгар улахан болҕомто ууруллар, араас тэрээһин ыытыллар.
Ол курдук бэҕэһээ Нам улууһунааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопастыбаларын хонтуоратыгар Намнааҕы «КубИТ» оҕо технопааркатын үлэһиттэрэ (сал. Е.А. Андросова) тиийэн улахан көмөнү оҥорбуттар. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Олбуорбут улахан аҥаара сууллан турарын көрөн, Екатерина Анатольевна бэйэтэ тылланан, кэллэктиибин эр дьонун мунньан, 7 буолан күүстээхтик үлэлээн көннөрдүлэр. Олбуорбут тупсубутуттан үөрүүбүт муҥура суох. Биһиги доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын чилиэннэрин уонна салайааччы Марина Литвинова ааттарыттан улахан махталбытын тириэрдэбит! Екатерина Анатольевнаҕа уонна кини үлэһиттэригэр кытаанах доруобуйаны, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт», — диэн Нам улууһун адаптивнай успуорка исписэлииһэ Людмила Собакина махталын тириэртэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: