Куйаас күннэр туран, ойуур баһаарын ахсаана элбиир чинчилээх
Бэс ыйын 24-26 күннэригэр Өймөкөөн, Үөһээ Халыма, Уус Маайа улуустарыгар 4-с кылаастаах ойуур баһаара бэлиэтэнэрэ күүтүллэр.
V кылаастаах ойуур баһаара Дьааҥы оройуонугар туруох курдук. Бу туһунан бүгүн баһаары бохсууга үлэлэһэр суһал ыстаап мунньаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ үс ойуур баһаара Өймөкөөн, Муома уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар баара биллэр. Баһаар сезона саҕаламмытын кэниттэн 41 баһаар бэлиэтэннэ. Былырыын баччаларга 130 этэ. Ойуур баһаарын ахсаана бэс ыйын 20-с чыыһылатыттан эбилиннэ. Кылаабынайа, улуустар дьаһалталара ойуур баһаарын кэмигэр була охсон, кыра эрдэҕинэ бохсор үлэни ыытар соругу туруоран үлэлииллэр, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 24-29 күннэригэр Өймөкөөн, Томпо, Муома, Дьааҥы, Кэбээйи, Үөһээ Халыма, улуустарыгар 30-35 кыраадыс куйаас күннэр туруохтара. Саха сирин гидрометеорологическай сулууспата иһитиннэрбитинэн, аһары сылаас күн-дьыл туран, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин уонна арҕаа улуустарыгар ойуур баһаардарын ахсаана элбиир чинчилээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: