Салгыы
Куйааска сөрүүкэтэр утахтар

Куйааска сөрүүкэтэр утахтар

26.07.2024, 16:31
Хаартыска: Повар.ру
Бөлөххө киир:

Өҥүрүк куйааска сөрүүкэтэр утаҕы хайдах оҥостуохха сөбүй? Маҕаһыынтан атыылаһа сатаабакка, бэйэҥ дьиэҕэр оҥостуоххун сөп.

Апельсинтан утах

4 устуука апельсины кичэйэн сууйан баран, оргуйбутунан итии уунан ыстараҕын (оччоҕо аһыыта сүтэр, хаҕын буоската ууллар). Ыраас сотторунан кууруор диэри сотон баран, морозильникка уган тоҥороҕун.

Тоҥ апельсиннары кыра гына хахтары кырбастаан баран, мясорубкаҕа, эбэтэр, блендергэ эрийтэрэҕин. Бу маассаҕа 6 лиитэрэ сөрүүн ууну кутан баран, уонча мүнүүтэ туруораҕын.

Сиитэ, эбэтэр, маарыла нөҥүө сиидэлээн кэбиһэҕин. Бу сүмэһиҥҥэ өссө 6 лиитэрэ ууну кутаҕын, 0,5 киилэ саахар кутаҕын (амсайан баран, эбэн биэриэххин сөп). 1 ост.нь. лимон кислотатын, мээтэ сэбирдэхтэрин эбэн биэриэххин сөп. Бу утах чаас курдук тура түһүөхтээх.

4 апельсинтан 9 лиитэрэ утах бэлэм!

Сахалыы сөрүүкэтэр утах — ымдаан

Олус судургутук оҥоһуллар, өбүгэлэрбит куйааска иһэр утахтарын — ымдааны оҥостон иһиҥ.

Киилэ аҥаара суораты (кэпиири) 1,5 лиитэрэ ууга кутан, күүгэннириэр диэри ытыйаҕын. Саахардаабакка, бэйэтинэн иһэҕин. Сибиэһэй сүөгэйи эбэн, минньитиэххэ сөп.  Үөрэ отун итии ууга сытыара түһэн, сымнатан баран, эбэн биэриэххэ сөп, оччоҕо өссө туһалаах буолар.

Ымдаан олус тотоойу уонна утаҕы ханнарар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: