Куйааска сөрүүкэтэр утахтар

Share

Өҥүрүк куйааска сөрүүкэтэр утаҕы хайдах оҥостуохха сөбүй? Маҕаһыынтан атыылаһа сатаабакка, бэйэҥ дьиэҕэр оҥостуоххун сөп.

Апельсинтан утах

4 устуука апельсины кичэйэн сууйан баран, оргуйбутунан итии уунан ыстараҕын (оччоҕо аһыыта сүтэр, хаҕын буоската ууллар). Ыраас сотторунан кууруор диэри сотон баран, морозильникка уган тоҥороҕун.

Тоҥ апельсиннары кыра гына хахтары кырбастаан баран, мясорубкаҕа, эбэтэр, блендергэ эрийтэрэҕин. Бу маассаҕа 6 лиитэрэ сөрүүн ууну кутан баран, уонча мүнүүтэ туруораҕын.

Сиитэ, эбэтэр, маарыла нөҥүө сиидэлээн кэбиһэҕин. Бу сүмэһиҥҥэ өссө 6 лиитэрэ ууну кутаҕын, 0,5 киилэ саахар кутаҕын (амсайан баран, эбэн биэриэххин сөп). 1 ост.нь. лимон кислотатын, мээтэ сэбирдэхтэрин эбэн биэриэххин сөп. Бу утах чаас курдук тура түһүөхтээх.

4 апельсинтан 9 лиитэрэ утах бэлэм!

Сахалыы сөрүүкэтэр утах — ымдаан

Олус судургутук оҥоһуллар, өбүгэлэрбит куйааска иһэр утахтарын — ымдааны оҥостон иһиҥ.

Киилэ аҥаара суораты (кэпиири) 1,5 лиитэрэ ууга кутан, күүгэннириэр диэри ытыйаҕын. Саахардаабакка, бэйэтинэн иһэҕин. Сибиэһэй сүөгэйи эбэн, минньитиэххэ сөп.  Үөрэ отун итии ууга сытыара түһэн, сымнатан баран, эбэн биэриэххэ сөп, оччоҕо өссө туһалаах буолар.

Ымдаан олус тотоойу уонна утаҕы ханнарар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев кыттыылаах РФ Госсэбиэтин энергетикаҕа уонна тырааныспарка хамыыһыйатын холбоһуктаах мунньаҕа буолла

Сэтинньи 25 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Сэбиэтин "Энергетика" уонна "Тырааныспар көдьүүстээх тиһигэ" хайысхаларга хамыыһыйалар холбоһуктаах…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мин сахабын дэнэрбэр… (Наталья Харлампьева саҥа кинигэтэ)

“Айар “ кинигэ национальнай кыһатын долбууругар  -  саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева “Эрбэһинтэн ыйытаар“…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

СПИД-ы утары охсуһуу декадатыгар ыҥыраллар

Сэтинньи 25-29 күннэригэр СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи киин СПИД-ы утары охсуһуу…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ыалтан 1,2 мөл.солк. киэргэллэри уорбут

Бу күннэргэ киин куорат биир ыалыттан уопсайа 1,2 мөл.солкуобай суумалаах кыһыл көмүс киэргэллэри уорбуттара билиннэ.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киин куоракка ууну, уоту араарыахтара

Бүгүн, сэтинньи 26  күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан  сибээстээн, күн устата араас…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн хаар, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүттэн ураты, баһыйар үгүс оройуоннарга хаар түһүөҕэ. Анаабырга, Булуҥҥа…

3 часа ago