Куйаастан хайдах көмүскэниэххэ?

Share

Сырылатар-сырбатар уот куйаастар, дьэ, түстүлэр. Кэккэ улуустарга 35 кыраадыска тиийэ итийэрэ күүтүллэр. Итии-куйаас күннэр нэдиэлэни быһа тураллара билгэлэннэ. Өҥүрүк куйаас кэмигэр киһи хайдах сөрүүкүөн сөбүй?

Хас да күнү быһа түһэр өҥүрүк куйаас киһи доруобуйатыгар, ордук итиини тулуйа үөрэммэтэх хоту дойду дьонугар, соччото суохтук дьайар. Сааһырбыт дьон хааннарын баттааһына үрдүөн, төбөлөрө ыалдьыан, сүрэх-тымыр ыарыылара бэргиэн, уопсай туруктара мөлтүөн сөп. Дьиэҕэ кондиционер суох буоллаҕына, киһи сырата-сылбата эстэр.

Тириини күнтэн харыстыыр кириэминэн соттор, бэргэһэ кэтэр, элбэх ууну иһэр, ноҕуруусканы аҕыйатар, сыралҕаҥҥа буолбакка, күлүктээх сиргэ сылдьар туһунан үгүс киһи билэр буолуохтаах. Өссө биир сөрүүкүүр ньыманы тускутугар туһаныҥ.

Дьоппуоннар итии кэмҥэ чараас былааты инчэтэн баран, моонньуларыгар бааналлар. Бу киһини олус сөрүүкэтэр. Тоҕо диэтэр, киһи суон тымыра (артерия) моонньуга чугас сылдьар буолан, түргэнник сөрүүкүүгүн, олус итииргээбэккин. Былаат куурдаҕына, инчэтэн биэрэн иһэҕин. Боруобалаан көрөөрүҥ эрэ? Хондуруостаах, ангиналаах, сүнньүлэрэ ыалдьар дьоҥҥо бу ньыма табыгаһа суох.

Аны туран, таһырдьаттан олус итииргээн, хааман кэлэн баран, тута тымныы ууну, утаҕы иһиллибэт. Оннооҕор сылгыны сойутан баран, уулатыллар диэни сылгыһыттар бары  билэллэр. Уурастыыр, ол эбэтэр, көлөһүнүн туппат буолан хаалар дииллэр. Онон сойо түһүөххэ наада. Киһи нооро итии кэмҥэ тымныы утаҕы иһэри букатын сөбүлээбэт. Киһи куйааска көстөөх сиртэн хааман кэлэн баран, тута тымныы кымыһы иһэн, нооро хайдан өлбүт хомолтолоох түгэнэ баар. Онон муустаах утахтан сэрэхтээх буолуҥ. Сойо иликкэ тымныы ууга киирэр эмиэ кутталлаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

8 секунд ago
  • Сонуннар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

2 часа ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

3 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

4 часа ago