Ситэриилээх былаас отчуотун быйыл хаһааҥҥытааҕар да Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо кэтэстилэр.
Төрүөтэ биир — Куйдуһун муостатын тутуута. Муоста саахалланан, нэһилиэк олохтоохторо сайыҥҥы-күһүҥҥү кэмҥэ уустуктары көрүстүлэр.
Өймөкөөн улууһугар ситэриилээх былаас отчуотун бөлөҕүн салайар тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев Өймөкөөн улууһугар аан бастаан сылдьар буолан, суол-иис, муосталар туруктарын сиһилии көрдө-иһиттэ, билистэ.
Онон олохтоохтору кытта көрсүһүүнү миниистир, бастатан туран, кинилэри долгутар боппуруостан саҕалаата:
— Куйдуһун үрэҕи туоруур муоста тутуутун сыаната — 700 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобай. СӨ Суол пуондатыттан тустаах үбүлээһин көрүлүннэ. «СтройМост» ХЭУо салалтатын кытта үлэ дуогабарын түһэристибит. Бэдэрээччит тэрилтэ салалтата иһитиннэрбитиҥэн, муоста конструкцията атыылаһыллан бэлэм, тутуу матырыйаала баар. Буровой тиэхиньикэ аҕалан иһэллэр. Онон кэлэр нэдиэлэттэн Куйдуһун муостатын тутуутун үлэтэ саҕаланыаҕа, — диэн бэлиэтээтэ миниистир.
Сордоҥноох нэһилиэгэр 400-тэн тахса киһи олорор. Урукку сылларга ситэриилээх былаас отчуотугар үгүс туруорсар боппуруостара кэмигэр туолан иһэр уонна быһаарыыга сылдьар буолан (холобура, суол бэлиэлэрин туруоруу, айан суолун кэҥэтэн ыраастааһын уо.д.а.), олохтоохтор кэлэр өттүгэр кэскиллээх боппуруостары көтөхтүлэр. Ол курдук, чугастааҕы нэһилиэктэр бары эмтэнэр Томтор учаастактааҕы балыыһатын кэҥэтии, эдэр исписэлиистэри саҥа дьиэнэн хааччыйыы курдук боппуруостары туруорустулар.
Сордоҥнооххо буолан ааспыт отчуот туһунан миниистир Владимир Сивцев санаатын маннык үллэһиннэ.
Ситэриилээх былаас отчуота салҕанар. Бу киэһэ Томтор нэһилиэгин олохтоохторо былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүөхтэрэ.
Хаартыскалар уонна видео Елена Потоцкая түһэриилэрэ уонна устуута.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…