Куйдуһун муостатын тутуута тэтимнээхтик барар
Быйылгы сыл саҥатыгар олунньу 26 күнүттэн Өймөкөөн улууһун Куйдуһун муостатын тутуута саҕаламмыта.
296 м уһуннаах Куйдуһун муостатын тутуутун сыаната — 700 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобай. СӨ Суол пуондатыттан тустаах үбүлээһин көрүллэн, «СтройМост» ХЭУо салалтатын кытта үлэ дуогабара түһэрсиллибитэ.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ муоста тутуутун сири хаһар үлэтэ түмүктэннэ. Аны муостабытын таҥар үлэҕэ киирдибит. Тиэхиньикэбит тиийэр — сири хаһар (буровой) массыына, икки кыраан, биир погрузчик, биир бульдозер үлэлиир. 40 киһи (монтажник) таҥыы үлэтигэр сылдьар. Суоппардарбыт тутуу матырыйаалларын барытын таһан бүтэрдилэр. Таһаҕас тиэйиитигэр уопсайа 10 массыына үлэлээтэ. Улан Удэттэн тутуу матырыйаала барыта кэлэн, үлэ күөстүү оргуйар, — диэн үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ “СтройМост” ХЭУо дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Титов.
Оттон Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров солбуйааччыта Айаал Неустроевы миэстэтигэр тиийэн, үлэ хаамыытын көрөн-истэн кэллилэр.
— Муоста тутуута бэрт тэтимнээхтик баран эрэр. Сыбаайатын 8 м дириҥҥэ тиийэ хаһаллар эбит. Муоста 100 туонна уйуктаах дииллэр. Бу күннэргэ матырыйаалларын хомуйан, таҥан барыахтара. Тутуу үлэтэ биир ый устата барыаҕа. Тутааччылар муостаны «ыам ыйын 23 күнүн диэки бүтэриэхпит» дииллэр. Онон үрэх эстиэр диэри Куйдуһун муостатын тутуута түмүктэннэҕинэ, олохтоохтор абыраныа этибит, — диэн санаатын үллэстэр Алексей Николаевич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: