Салгыы
Култуура дыбарыастара – духуобунай сайдыы кииннэрэ

Култуура дыбарыастара – духуобунай сайдыы кииннэрэ

11.11.2022, 17:15
Бөлөххө киир:

Култуура дьиэлэрэ духуобунай сайдыы кииннэрэ буолаллара саарбаҕа суох. Ол курдук кэнники сылларга элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр тутуллубут нэһилиэктэригэр олох ол тула эргийэр буолла. Култуура эбийиэктэрин көхтөөхтүк тутуу бара турар, ааспыт 2021 с. бары көрүҥ үбүлээһининэн аҕыс  эбийиэк үлэҕэ киирбитэ. Оттон быйыл хайдаҕый?

Төһө эбийиэк үлэҕэ киирбитин, өссө да киириэхтээҕин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ биэрбит дааннайдарынан көрүөхпүт.

Бу сылга «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн тохсунньуга Өлүөхүмэ оройуонун I Нөө­рүктээйитигэр, муус устарга Амма улууһун Эмис сэлиэнньэтигэр Элбэх өҥөнү оҥорор култуура кииннэрэ, атырдьах ыйыгар Усуйаана оройуонун Уйаандьы нэһилиэгэр «Осикта» этнокултуурунай киин, балаҕан ыйыгар Таатта улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр Этнокултуурунай комплекстар тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.

Итини таһынан, быйылгы историческай суолталаах сылга – Саха АССР олохтоммута 100 сыллаах үбүлүө­йүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ пуондатын» нөҥүө «АЛРОСА» АХ үс улахан эбийиэги үбүлээн туттаран бэлэхтээтэ. Ол курдук, Ньурба көһө сылдьар тыйаатырын дьиэтин, Уус Алдаҥҥа «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын курдук баараҕай тутуулар быйылгы дьылга үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллан киирдилэр. Аны ахсынньыга Нам улууһугар Култуура дыбарыаһа үлэҕэ киирээри турар.

Ньурба көһө сылдьар тыйаатыра

Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыр дьиэтэ сэтинньи 3 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга өрө күүрүүлээхтик арыллыбыта. Бу күҥҥэ Аҕа баһылыкпыт Айсен Николаев эҕэрдэ этэригэр: «Биһиги маннык култуура кииннэрин ары­йаммыт, норуоппут ураты эйгэтин чөл хаалларыахтаахпыт. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа социальнай уонна култуура эбийиэктэрин тутууну салгыы ыытыахпыт»,  – диэбитэ.

Бу баараҕай тутууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ пуондата» «АЛРОСА» АХ үбүнэн туттарда. Симиэтэнэн көрүллүбүт суумата – 530 мөл. солк.

Тыйаатыр 2900 кв.м иэннээх, 2 этээстээх, 250 миэстэлээх көрөр саалалаах, аччыгый уонна эрэпэтиисси­йэлиир саалалардаах, эргийэр установкалаах улахан сыаналаах, 10 гримнэнэр, атын да исписэлиистэр үлэлиир анал хостордоох, аны саамай аныгылыы аппаратуралаах, оборудованиелаах.

«Тойон Мүрү» култуура киинэ

Бу В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһа Уус Алдан улууһун киинигэр – Бороҕоҥҥо тутулунна. Үс этээстээх, 3800 кв.м  иэннээх баараҕай тутуу. Аан бастаан 2018 с. өрөспүүбүлүкэ үбүнэн тутуллан саҕаламмыта, онтон 2020 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ пуондатын» нөҥүө анал бырагыраамаҕа киллэриллэн «АЛРОСА» АХ үбүнэн ситэри тутуллан, быйыл үлэҕэ киирэн, улуус олохтоохторун үөрүүтүн үксэттэ.

Эбийиэк тутааччыта – «РДР-Групп» ХЭУо, генбэдэрээтчит – «ИФК «РФА-Инвест» АУо, бырайыактааччы – АСМ «ФОРМА» ХЭУо. «АЛРОСА» АХ уопсай үбүлээһинэ – 330 мөл. солк.

Бу уораҕайга вестибюль-фойе, 262 миэстэлээх көрөр саала, артыыс­тар хосторо, сиэр-туом ыытар саала, уус-уран мастарыскыайдар, иистэнэр сир, буфет бааллар.

2-с этээскэ кэбиниэттэр, эрэпэ­тииссийэлиир саала, үлэһиттэр хосторо, куруһуоктар хосторо, оҕо икки ааҕар саалата, кинигэни хара­йар сир, көмпүүтэр саалата бааллар. 3-с этээскэ улахан дьон бибилэтиэкэтэ – ааҕар саала, электроннай саала, кинигэ харайар сир, «Алгыс» кы­­раайы үөрэтэр салаа, о.д.а. анал хостор.

Нам улууһунааҕы Култуура дыбарыаһа

Бу эбийиэк маҥнайгы сыбаа­йата 2020 с. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр түспүтэ. Бырайыак Ил Дархан быһа дьаһалынан, саха чулуу уола
М.К. Аммосов 125 сааһын бэлиэтиир тэрээһин чэрчитинэн тутуллар.

Нам улууһугар киириэхтээх култуура уонна духуобунас сайдыытын киинэ 3 этээстээх, 5 692 кв.м. иэннээх баараҕай тутуу. Көрөр саалата 400 миэстэлээх, инникитин кы­­раайы көрдөрөр мусуой, ЗАГС са­­лаата, бибилэтиэкэ, хартыына гале­реята баар буолуохтара. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ пуондатын» нөҥүө «АЛРОСА» АХ уопсай үбүлээһинэ – 450 мөл. солк. Тутааччы – «РДР Групп» ХЭУо.

­ Кэлэр 2023 сылга 12 култуура эбийиэгэ тутуллуо:

  • Бүлүү улууһун Тыымпытыгар, Нам улууһун 2-с Хомустааҕар, Горнай улууһун Бэс Күөлүн нэһилиэгэр Элбэх өҥөнү оҥорор култуура кииннэрэ;
  • Сунтаар улууһун Кэмпэн­дээйи сэлиэнньэтигэр 150 миэс­тэлээх Култуура дьиэтэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһун Хар­балаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан Култуура киинэ;
  • Нам улууһун Хатырык нэ­һи­­лиэгэр, Сунтаар улууһун Сиэйэтигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан сэлиэнньэтигэр Элбэх өҥөнү оҥорор култуура-успуорт кииннэрэ;
  • Таатта улууһун Чөркөөх сэ­лиэнньэтигэр П.А. Ойуунускай ааты­­нан култуура-сынньалаҥ киинэ;
  • Эдьигээн оройуонун Эдьи­гээн сэлиэнньэтигэр Этно­култуу­рунай киин;
  • Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтигэр Култуура-успуорт комплекса;
  • Нам улууһун Таастаах сэлиэн­ньэтигэр култуура-успуорт комплекса.

Семенова Мария Егоровна, Ньурба көһө сылдьар тыйаатырын литэрэтиирэҕэ чааһын сэбиэдиссэйэ:

– Тыйаатыр тутулларыгар Ньурба оройуонун баһылыктара бары үлэлэспиттэрин бэлиэтиэххэ наада. СӨ  Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Дархан Айсен Николаевка, Ньурба оройуонун дьаһалтатын баһылыгар Алексей Иннокентьевка, тутааччыларга махтанабыт. Тыйаатырбытыгар киирэн үлэбитин саҕалаатыбыт, үлэлиирбитигэр усулуобуйа тэрилиннэ, бары салааларынан анал хостордоохпут. Тыйаатырбыт арыллыытыгар элбэх киһи кэлэн кытынна, олус истиҥ көрсүһүү буолан ааста, урут-хойут үлэлээбит артыыстар, дьон көрсөн астыммыттар. Арыллыаҕыттан күн аайы оҕолуун-эмэнниин элбэх киһи сылдьар, тыйаатыры кэрийэн көрөллөр, испэктээккэ сылдьаллар, уопсайынан, дьон дууһатынан сынньанар сирэ буолла. Бэйэбит да олус үөрдүбүт, долгуйдубут. Тыйаатырбыт саҥа кэм сиэринэн толору хааччыллыылаах, аныгылыы оборудованиелаах, аппаратуралаах. Мантан инньэ маннык мааны дыбарыас дьиэлэнэн баран, тыйаатырга  дьон дууһалыын сынньана кэлэрэ элбиэ диэн эрэнэбин. Биһиэхэ кэнники сылларга Арктика институтун бүтэрэн эдэркээн артыыстар, үлэһиттэр кэлбиттэрэ олус үөрүүлээх. Бу оҕолорбут саҥа дыбарыаска күүрүүлээхтик үлэлээн Ньурбабыт тыйаатырын өссө да ааттатыахтара диэн эрэллээхпит.

Гоголев Максим Петрович, В.В. НикифоровКүлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын дириэктэрэ:

— Биһиги Култуурабыт дыбарыаһа «АЛРОСА» АХ СӨ «Үүнэр көлүөнэ пуондатын» нөҥүө анал үбүлээһини көрбүтүн суотугар тутуллубута. Дыбарыаспыт иннигэр 4119 кв.м иэннээх киэҥ-куоҥ былаһааккаҕа дьон сылдьар, массыына тохтуур сирдэрэ, сынньанарга, олорорго ыскамыайка, уоттаах фонтан тутуллубута. Биһиги кииммит сыаната аныгы сиэринэн толору оборудованиенан, аппаратууранан хааччыллыы­лаах, онон дьоммут-сэргэбит астына-дуоһуйа ыллыыллар-туойаллар. «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын иһинэн Бороҕоннооҕу норуодунай хор, ырыа, үҥкүү кэлэктииптэрэ, «Кэнчээри» оҕо образцовай ансаамбыла, оҕо-үҥкүү кэлэктиибэ бааллар. Маннык толору хааччыллыылаах, табыгастаах уораҕайга кэлэктииптэрбит өссө күүскэ, тэтимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлииргэ кынаттаннылар.

Окоемова Варвара Николаевна, Уус Алданнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ:

– Биһиги бу быйыл дьэ, өр кэтэһиилээх таас дыбарыаспытыгар киирэммит сүрдээҕин үөрдүбүт. Бибилэтиэкэбит 2024 сылга 100 сылын туолуохтаах, 75 сылын туоларыгар биһиги ааҕааччыларбытыгар – оҕолорго дакылаат оҥорторон турабыт. Онно бука бары сүбэлэспит курдук, үс этээстээх таас дьиэлээх буолуох­таах диэн баҕа санааларын суруйбуттара, ол оҕолор билигин бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, аҕалара буолан сылдьаллар, кинилэр баҕалара туолбутуттан олус үөрэбит. Уус Алдан улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин тиһигэ бастакы норуот бибилэтиэкэтэ диэн, ону өйөөбүт дьоннорбутунан Окоемов, Говоров, Мигалкин уонна кинилэр бачыымнарын өйөөбүт киһинэн оччотооҕу нарком Алексей Бояров буолаллар. Биһиги дыбарыаспытыгар аан бастаан кэлбит киһи үлэһиккэ уонна ­ааҕааччыга сүрдээх табыгастааҕын бэлиэтии көрөр, ол курдук барыта баар, толору хааччыллыылаах, дьон астына-дуоһуйа сынньанар сирэ. Манна бэлиэтиэхпин баҕарабын, элбэх оҕо сылдьар, саастаах дьон түмсэр буолла. Бу дыбарыас В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатын сүгэр, кини өлөрүгэр кэриэһин суруйбут «баар-суох баайым бибилэтиэкэм, ону төрөөбүт улууспар аныыбын диэн». Кини кинигэ норуокка туһатын, билиигэ-көрүүгэ, үөрэххэ, уопса­йынан, инники сайдыыга бибилэ­тиэкэ суолтата улаханын бэлиэтээбитэ. Ол курдук, биһиги улуус­путугар дьаһалта да, ааҕааччылар да бибилэ­тиэкэҕэ ытык­табыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Онон биһиги дьоммутугар-сэргэбитигэр, улууспут баһылыгар, дьокутааттарыгар, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махталбытын тириэрдэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: