Олунньу 2 күнүгэр «Төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим -– Түмүү» диэн култуура эспэдииссийэтэ үлэтин Олоҥхо дойдута Сунтаартан саҕалаан, күөх Ньурба сиригэр тиийэн кэллэ.
Эспэдииссийэни Ил Дархан сүбэһитэ, Геокултуурунай сайдыы үнүстүүтүн дириэктэрэ, бөлүһүөк, саха норуотун духуобунай баайын тилиннэрбит аан дойду таһымыгар таһаарбыт Өндүрэй Саабыс Барыыһап салайар. Эспэдииссийэ састаабыгар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, норуот үгэһин тарҕатааччылар бааллар. Ньурба улууһун култууратын департамена (сал. Р.М.Тихонова) ытык ыалдьыттары саха сиэринэн кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Былыр да, быйыл да сир түннүгэ, олоҥхоһут киэҥ сиринэн сылдьар, ырааҕы ыраҥалыыр ытык дьон сахаҕа күүтүүлээх күндү ыалдьыттар.
Өндүрэй Саабыс Барыыһап эспэдииссийэ састаабын кытта Ньурба сиригэр үктэнээт, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, философия дуоктарын К.Д.Уткин-Нүһүлгэн аатын сүгэр Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһуулара түмэлгэ ыалдьыттаата. Улуус биир киэн туттар кэрэ миэстэтин дириэктэр А.А.Туманова ытык ыалдьыттарга киэн тутта көрдөрдө. Өндүрэй Саабыс биһиги түмэлбитин иккис төгүлүн саҥа көрбүттүү көтөҕүллэн көрдө-иһиттэ. Түмэл дьикти эниэргийэлээҕин, идиэйэтэ ис киирбэҕин астынан туран бэлиэтээтэ. Таайдахха, саха норуотугар сыаната биллибэт духуобунай баайы хаалларбыт ытык киһибит сырдык, ыраас санаата, дойдутугар норуотугар тапталын тыына билигин да биллэн эрдэҕэ.
Олунньу 3 күнүгэр сарсыардаттан “Төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим — Түмүү” диэн култуурунай эспэдииссийэ үлэтэ Ньурба улууһун Олоҥхотун дьиэтигэр алгыһынан арылынна. Алгыһы улуус култууратын департаменын салайааччы, ааттаах-суоллаах оһуохай Аар Дархан этээччитэ Розалия Михайловна Тихонова саҕалаата, дойдулаах Далбар Хотун аал уокка айах тутан алгыс этэн амалыйда, ол кэннэ кэлбит ыалдьыттар, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара алгыс этэн, ыллаан туойан Ньурба сиригэр алгыс түһэрдилэр. Алгыс баһа сыаланнын!
Онтон салҕыы Н.И.Харитонов-Чуор аатынан «Кыталык» Култуура дьиэтигэр “Биир ситимнээх Олоҥхо дьиэлэрин олохтооһун» диэн тиэмэҕэ эспэдииссийэ састааба уонна Ньурба улууһун култууратын үлэһиттэрэ киэҥ хабааннаах кэпсэтиигэ көрүстүлэр. Киэҥ кэпсэтиигэ киириэх иннинэ Ньурба сирин айхаллаах алгыһынан көрүстүлэр. Аартыгы арыйар эҕэрдэ алгыһы СӨ култууратын туйгуна алгысчыт Иван Иванович Попов-Алгыс түһэрдэ. Олоҥхо дьиэлэрин ситимин туһунан ыллыктаах санаатын СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, саха дьоно бары билэр, киэн туттар киһибит, Геокултуурунай сайдыы үнүстүүтүн дириэктирэ Өндүрэй Саабыс Барыыһап мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ гына этэн- тыынан, эллээн биэрдэ.
Өндүрэй Саабыс киирии тыл кэннэ Олоҥхо дьиэлэрин ситимин олохтуур туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудах биэрбитин, ыйаах таһаарбытын иһитиннэрдэ. Холобур, үөрэх, бибилитиэкэ биир кэлим ситимнэрэ олохтонон, дойду үрдүнэн үлэлии олороллорун аҕалан туран, олорго сэргэ тутуллан, Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ биһиги эрэ өрөспүүбүлүкэтигэр маҥнайгынан баар буолтун сөҕөн-махтайан кэпсээтэ.
Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ үбүлэниинэн бүтэн хаалбакка кини суолтата, ис хоһооно кэҥээн-сайдан иһиэхтээҕин, кэскиллээх буолуохтааҕын тоһоҕолоото.
Эспэдииссийэ сүрүн соруга бу ситими олоххо киллэрии хайдах буолаахтааҕын туһунан толкуй тобулаары, санаа үллэстээри үлэлии хамныы сылдьар эбит.
Онтон сорук ис хоһооно түҥ былыргы култуураны уонна балысханнык сайдар технологияны дьүөрэлээн, саха норуотун үүнэр көлүөнэтин өй-санаа, сиэр-майгы сыаннастарыгар иитии, үөрэтии буоларын кэбэҕэстик өйдөттө.
«Култуура үлэһиттэрэ детонатордар, идеология боруонун байыастара, кинилэр тула нэһилиэнньэ мустан уопсастыба сийиэстэрин ыҥыран сыаннастары сыымайдаан олоххо киириитин туруорсуохха», — диэтэ.
Өркөн өйдөөх Өндүрэй Саабыс бу тобулбут күлүүс тыллара формула курдук тахсан кэлбиттэр. Холобур: «Россия сильна нами» диэннэ холобура Н-народами А-армией М-мною И-историей. ПТИЦА П-профессию, Т-творчество,И-искусство, Ц-цивилизация, А-арктики, ИИТИИ И-интеллектуальные, И-инновационные, Т-творческие, И-идеи и инициативы, ТҮМҮҮ Т-төрүт , Ү-үгэс, М-мин, Ү-үүнэр, Ү-үктэлим.
Күн иккис аҥаарыгар Ил Дархан сүбэһитэ Өндүрэй Барыыһап Степан Васильев аатынан Ньурбатааҕы гимназияҕа «Судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүтэ-Арассыыйа үгэһин, духуобунай баайын, сиэрин-майгытын харааннааһын уонна бөҕөргөтүү» диэн тиэмэҕэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьевтыын уонна нэһилиэк баһылыктарын, үөрэҕирии эйгэтин салайааччыларын уонна култуура дириэктирдэрин кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үлэ уонна педогагическэй үлэ бэтэрээнэ, Түмүк нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Алгыс» сынньалаҥ киин сыанатын бэтэрээнэ, ытык саастаах кыттааччы Федорова Валентина Давыдовна бэйэтин баай уопутуттан сүбэ-соргу биэрбитин мустубут дьон бука бары сэргээтилэр, сэҥээрдилэр.
Маннык эспэдииссийэ отут сыл анараа өттүгэр тэриллэн үлэлээн ааспытын үтүө түмүктэрэ күн бүгүн көстөллөр. Норуот духуобунай барҕарыыта, аҕыйах ахсааннаах саха норуотун духуобунай баайа, куултуурата аан дойду таһымыгар тахсыбытынан. Өндүрэй Барыыһап салайар эспэдииссийэтэ норуотугар өссө саҥа саҕахтары арыйдын…
Киин бибилитиэкэ ааҕар саалатыгар мультимедийнай технологияларга аналлаах маастар-кылаас ыытылынна. Култуура туйгуна Вячеслав Васильевич Ефимов дакылаатынан, аныгы тиэхиньикэни култуура үлэтин араҥатыгар сөптөөхтүк туһанарга хайысхалары, сүбэлэри ыйан кэрдэн кэрэхсэниэн кэрэхсэннэ.
Н.И.Харитонов-Чуор аатынан «Кыталык» култуура дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Хомус түмэлин үлэһитэ импровизатор-хомусчут Айсен Дьоллоохоп уонна биллиилээх хомусчут, элбэх куонкурустар кыайыылаахтара, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Вероника Лыткина маастар-кылаас ыыттылар. Маастар-кылааска сылдьааччылар хомуһу сөпкө тутарга, сыыйа тардыыга, эгэлгэ дорҕооннору таһаарарга, сөпкө тыынарга үөрэннилэр.
Онтон кырыымпаҕа Айсен Кысылбаиков уонна Прокопий Сыроватскай маастар-кылаас биэрдилэр. Кинилэр кырыымпаҕа оонньоон иһитиннэрдилэр, хайдах оонньуурга билии биэрдилэр, сатабыл, ньыма көрдөрдүлэр. Кыттааччылары кырыымпаны сөпкө тутарга, тыаһын-ууһун тупсарарга үөрэттилэр. Сылдьыбыт дьон үрдүк сыанабыл биэрдилэр, өссө да кэлэ туралларыгар баҕа санаалаах тарҕастылар.
Тойук толорууга маастар кылааһы Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх үҥкүү этээччитэ Миитэрэй Уйбаныап ыытта. Тойуксут сахалыы тойук төрүт өйдөбүлүн билиһиннэрдэ.
Норуот ырыата-тойуга айылҕалыын, дириҥ ситимнээҕин хас биирдии түөлбэ ырыата-тойуга араастааҕын бэлиэтээтэ.
Тойук туойааччы, сахалыы тойук төрүт үгэстэргэ олоҕуран араас ньыманан толорулларын быһаарда, иһитиннэрдэ.
Маастар-кылаастар биир кэрэ-бэлиэ түгэни сэргиир дьоҥҥо бэлэхтээтилэр. Ол курдук, саха норуотун фольклорун араас жанрын баһылаабыт бииртэн биир бэрт артыыстардыын алтыһан, илэ көрөн-истэн чахчы да астыннылар.
Ньурба култууратын департаменын сырдатар-иһитиннэрэр салаата.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…