Салгыы
Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

26.11.2024, 19:30
Хаартыска: култуура министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр түмэллэргэ, култуура, сынньалаҥ пааркаларыгар, быыстапкаларга босхо сылдьар бырааптаахтар. Эрэгийиэннэр ханнык тэрилтэлэрин бэйэлэрэ быһаараллар.

Саха сиригэр ханнык култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахтарын сөбүй? Култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх уонна босхо сылдьар кыахтаах тэрилтэлэрин испииһэгин таһаарда.

Дьэ, ханнык тэрилтэлэр эбиттэрий?

А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатыра.

П.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра.

Суорун Омоллоон аатынан Опера, балет тыйаатыра.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра.

Хотугу норуоттар судаарыстыбаннай тыйаатырдара.

СӨ Куукула тыйаатыра.

Олоҥхо тыйаатыра.

Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр.

Мииринэйдээҕи тыйаатыр.

Кыыл Уолун аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатыра.

“Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл.

Г.М. Кривошапко аатынан Судаарыстыбаннай филармония.

«Виртуозы Якутии» Судаарыстыбаннай скрипачтар ансаамбыллара.

Эстрада тыйаатыра.

П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ.

Е.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын, култуураларын түмэлэ.

Национальнай художественнай түмэл.

Саха сирин норуоттарын муусукаларын, фольклордарын түмэлэ.

Ытык Күөллээҕи литературнай-художественнай мусуой-заповедник.

“Доҕордоһуу” Судаарыстыбаннай историческай-архитектурнай мусуой-заповедник.

Өлөөннөөҕү хотугу норуоттар устуоруйаларын, этнографияларын түмэлэ.

Аан дойду норуоттарын хомустарын түмэлэ.

“Мин устуоруйам” мусуой комплекса.

Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Судаарыстыбаннай цииркэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: