Култуура кэллиэһэ Бурятияҕа быстах хомуурга барбыт дойдулаахтарын көрүстэ

Share

Култуура уонна искусство кэллиэһэ Бурятияҕа мобилизацияламмыт дойдулаахтарыгар баһыылкалары туттардылар.

Бу туһунан Анастасия Филиппова СИА суруйда. Бэҕэһээ, норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство кэллиэһин устудьуоннара уонна эстрада тыйаатырын артыыстара Улан-Удэ куоракка кэнсиэртии тиийдилэр. Кинилэр онно быстах байыаннай хомуурга барбыт дойдулаахтарыгар баһыылкалары тиэртилэр. Буспут ас арааһын, алаадьыны кэллиэс кэлэктиибэ бэлэмнээбит. Баһыылканы 11 биригээдэҕэ туттарбыттар.

«Дойдулаахтарбыт ыыппыт кэһиилэрэ санаабытын көтөҕөллөр, тирэх буолаллар», — диэбиттэр онно баар уолаттар. Айар бөлөх бырабыыталыстыба, култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит. Бөлөххө А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство кэллиэһин устудьуоннара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Боппоенова салайааччылаах «Эйгэ» норуодунай ансаамбыл,  С.Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырын солистара бааллар. Маны сэргэ, кэнсиэргэ саха эстрадатын биллэр-көстөр ырыаһыттара Василий Еремеев уонна Виктор Иванов — Сиэйэ Уола кытталлар. Бөлөҕү култуура кэллиэһин дириэктэрэ Захар Никитин салайар. Сэтинньи 6 күнүгэр быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоҥҥо кэнсиэртииллэр.

Хаартыскалар: СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago