Бу күннэргэ дойдубут киин куораттарыгар Москваҕа уонна Санкт-Петербурга ыһыахтар буолан аастылар.
Суолталаах тэрээһиннэр хайдах ааспыттарын А.Д. Макарова аатынан Саха сиринээҕи култуура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата, икки ыһыах режиссера Захар Никитин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Ыһыаҕы тэрийии — өрөспүүбүлүкэбит култуура тэрилтэлэрин үөрэхтэрин кыһатын биир сүрүн уратыта. Бэйэбит эрэгийиэннээҕи компонеммытыгар киллэрэн, устудьуоннарбытыгар Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын дириҥэтэн үөрэтэбит, ураты болҕомтону уурабыт.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ барытыгар кэриэтэ кыттабыт. Сыл аайы кыттар улахан тэрээһиннэрдээхпит. Холобур, устудьуоннар «Муус устар» бэстибээл, Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтара, Дьокуускай куорат күннэрэ, ону тэҥэ нэһилиэктэр, куораттар ыһыахтарын уо.д.а тэрээһиннэргэ кыттан, анал идэлээх үлэһит буолан тахсалларыгар баай уопуттаналлар.
Быйыл ыччаттарбыт Мииринэй куорат, Аммаҕа буолбут Олоҥхо уонна Туймаада ыһыахтарыгар, «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыыны ыллылар. Бу курдук устудьуоннар үлэ үөрүйэҕин кистэлэҥнэригэр үөрэнэллэр.
Биһиги үөрэхпит кыһата үһүс сылын Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга ыһыахтары тэрийэн ыытар. Ол курдук, Нам, Өлүөхүмэ, Үөһээ-Бүлүү уонна быйыл Булуҥ улуустарын кытары кыттыһан ыһыах тэрийсиитигэр үлэлэстибит.
Биллэн турар, дойдубут киин сиригэр ыһыахтары ыытыы А.Д. Макарова аатынан Саха сиринээҕи култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр сүктэриллэрэ улахан эппиэтинэс. Үөрэхпит биир сүрүн салаатынан норуот айымньыта буолар. «Өркөн» уонна «Эйгэ» ыччат сиэр-туом тыйаатыра диэн ансаамбыллардаахпыт. Сүрүннээн дойду киин куораттарын ыһыахтарыгар бу айар бөлөхтөр кытыннылар.
Быйылгы ыһыах сүрүн уратытынан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитинэн, саха омукка ыал буолуу сиэрин-туомун, кыыс сүктэн барыытын сиэрин-туомун көрдөрдүбүт. Ону тэҥэ, Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгин 90 сыллаах үбүлүөйүгэр, Арктика, Булуҥ улууһун сайдыытыгар улахан кылааттаах, Сэбиэскэй сойуус уонна Арассыыйа дьоруойа Артур Чилингаровка аналлаах түһүмэҕи оҥордубут. Күннүк Уурастыырап туруорсуутунан Аммаҕа 1944 сыллаахха Улуу Кыайыы иннинэ сүрү көтөҕүү ыһыаҕа ыытыллыбыта 80 сылын эмиэ ахтан-санаан аастыбыт.
Бу ыһыахтар устудьуоннарбыт бэйэлэрин омуктарын уратытын билэллэригэр, култуураларын интэриэһиргиир уонна тарҕатар буолалларыгар төһүү күүс буолаллар.
Биллэн турар дойдубутугар буола турар уустук быһыыга-майгыга ыһыахтарбыт Ийэ дойдуга тапталы иҥэриигэ, патриотическай тыыны уһугуннарыыга туһуланаллара саарбаҕа суох. Онон бу кэмҥэ норуоппут өйүн-санаатын, сүргэтин көтөҕүүгэ, түмсүүгэ ыҥырар ыһыахтар ханна да ыытыллыбыт буолуохтаахтар диэн мин бэйэм өйдөбүллээхпин.
Махталбын тыл истиҥин Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Андрей Федотовка тиэрдэбин. Биһиги үөрэхпит кыһатын өйүүрүгэр уонна устудьуоннарбыт идэлээх дьон буолан тахсалларыгар, ону тэҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, волонтерскай хамнааһын үлэтигэр улахан өйөбүлү оҥорор киһибитигэр махталбыт муҥура суох.
Ити курдук, саха талааннаах ыччаттара дойду киин куораттарыгар олорор биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр ыалдьыттарыгар төрөөбүт, үлэлээбит, олохторун саамай кэрэ кэмнэрин атаарбыт Саха сирин тыынын бэлэхтээн кэллилэр.