Култуура миниистирэ айар куттаах дьиэ кэргэни кытта көрүстэ

Share

2024 сылга үктэнээт, Айыыһыт, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан сибээстээн,  Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл кэннилэриттэн саҕаламмыт саҥа үлэ күнүн култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев Сунтаар улууһун ырыа куттаах Спиридоновтар дьиэ кэргэни кытта көрсүһүүттэн саҕалаата.

«Василий уонна Мария Спиридоновтар иккиэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, култуура эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ 30-тан тахса сыл буолла. Айар куттаах дьиэ кэргэн — үгүс ырыа ааптардара. Бордоҥ нэһилиэгин киэн туттар ыала култуура киинигэр үлэлииллэр. Быйыл кинилэр Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн,  Саха сиригэр — Оҕо сылларыгар анаммыт үлэлэрин былаана киэҥ. Ол курдук, Спиридоновтар айар кэнсиэрдэрин, саҥа ырыа сүрэхтэниитин тэрийиэхтэрэ, бэйэлэрин иитиэхтии сылдьар ааптарскай бырайыактарын олоххо киллэриэхтэрэ.

Спиридоновтар дьиэ кэргэҥҥэ саҥа үүммүт сылга кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, айар үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын», — диэн бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйар култуура уонна духуобунас сайдыытын  миниистирэ Афанасий Ноев.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

46 минут ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago