Салгыы
Култуура, ускуустуба эйгэтигэр салайааччы оруола улахан

Култуура, ускуустуба эйгэтигэр салайааччы оруола улахан

24.10.2024, 18:00
Хаартыска: тыйаатыр архыыбыттан
Бөлөххө киир:

  Айар кэлэктиип үлэтэ, ситиhиилэрэ салайааччы көрүүтүттэн, билиититтэн, кини норуот төрүт култууратын  ускуустубаны кытта таба  ситимниир дьоҕуруттан, норуот ускуустубатын билинни уустук кэмнэргэ харыстыыр күүстээх  санаатыттан, айар дьону өйүүр-өйдүүр  үрдүк  таhымнаах култууратыттан  тутулуктаах. 

Салайааччы лиидэр буолан,  кэллэктиип сайдар суолун тобулуохтаах, сайдар кэскилин  өтө көрүөхтээх, норуот үйэлэри унуордаан аҕалбыт баай нэhилиэстибэтин араас ыарахаттартан, кэм-кэрдии охсуутуттан көмүскүөхтээх, харыстыахтаах.  Ити миссиятын инники күөҥҥэ тутуохтаах.

Айар кэлэктиип  сайдар кэскилэ,   омук быhыытынан бэйэни билиниитэ, олоҕу көрүүтүн сүрүн кэнсиэпсийэлэрэ,    инникини өтө көрүүтэ, талан ылбыт, хатыламмат буочара сүппэтэ барыта салайааччы  ирдэбиллээх көрүүтүн далын иhигэр сылдьар.

ххх

Урукку Сойуус, билигин полиэтническай састааптаах дойдубут туонатыгар араас омуктар XX  үйэ   20-30-сс. тэриллибит норуот үҥкүүтүн ааттаах-суоллаах ансаамбыллара билиҥҥэ диэри айа-тута,  олоҕу кытта тэннэ хаамсан кэллилэр.  Саха сиригэр норуот үҥкүүтүн  ансаамбыла хойутаан, 1980 с. тэриллибитэ.  Ансаамбыл  тэриллиитин олуктарын уурбут дьонунан С.А.Зверев-Кыыл Уола, Саха сирин бастакы үҥкүү чинчийээччитэ, этнохореограф М.Я. Жорницкая буолаллар. Үҥкүү ансаамбылын бастакы төрүттээччилэринэн  РФ ускуустубатын  үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ норуодунай артыыhа Г.С.Баишев, Бүтүн  Союзтааҕы эстрада артыыстарын куонкуруһун лауреата П.П. Пестряков уонна култуура, ускуустуба биллиилээх диэйэтэллэрэ буолбуттара.

1992 с. олус уустук, уларыйыы-тэлэрийии, түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэргэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев  Саха сирин судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбылын  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Национальнай үҥкүү тыйаатырыгар уларытар  туhунан уурааҕы таhаарбыта. Норуот үйэлэргэ  муспут култуурунай, духуобунай нэhилиэстибэтин, муудараhын диринник өйдүүр, өйүнэн-санаатынан ылынар, сахалыы тыыннаах, сахалыы мындыр көрүүлээх,  ону таhынан салайар дьоҕурдаах, сылаалаах- сындылҕаннаах айар, тэрийэр үлэни уйар эрчимнээх исписэлиис наада буолара оччолорго да биллэр этэ. Ити ирдэбиллэргэ сөп  түбэhэр исписэлиис көстүбүтэ.   М.Е. Николаев саҥа тэриллэр Үҥкүү Национальнай тыйаатырын дириэктэринэн   тыйаатырга өр  сыл үҥкүүлээбит, уопсастыбаннай үлэ актыбыыһа А.И. Алексеевы анаабыта.   Салайааччы быhыытынан Александр Иванович Үҥкүү тыйаатырын   бэйэтин иhиттэн тахсыбыт, айар үлэҕэ уhаарыллыбыт,  эриллибит-мускуллубут, айар үлэ бары ыарахаттарын, уустуктарын, репертуарын төрдүттэн билэр айар куттаах киhи.  Арассыыйа ааттаах-суоллаах, аатырбыт ансаамбыллара бары салайааччыларын бэйэлэрин кэлэктииптэрин  иhиттэн иитэн-үөрэтэн, куорсун анньан таhаараллар.  Ити кэрэхсэбиллээх үгэһинэн буолбута. Ол курдук,  Арассыыйа аар-саарга аатырбыт, И.А.Моисеев тэрийбит Норуот үҥкүүтүн  академическай ансаамбылын өр сылларга  ансаамбылга уhаарыллан, уhуйуллан тахсыбыт үҥкүүһүт, И.А.Моисеев бэйэтэ иитэн-үөрэтэн таһаарбыт каадыра,   РФ норуодунай артыыһа Е.А. Щербакова салайар.

Биллэрин курдук,  И.А. Моисеев айбыт, туруорбут үҥкүүлэрэ  «Золотой фонд танцевального наследия» диэн норуоттар «национальнай достояниелара», ураты сыаналаах култуурунай эбийиэк, нэhилиэстибэ буолан судаарыстыба таhымыгар харыстабылга сылдьаллар.  Үйэлэр да аастахтарына,  бу нэhилиэстибэ баар буоларын курдук кыһаллаллар.   Бириэмэ уларыйар, ирдэбиллэр эмиэ уларыйа, хамсыы тураллар.  Тыйаатыр кэм-кэрдии уларыйыытыгар оҕустарбатын курдук, хас кэлбит сана салайааччы санаатаҕын аайы репертуары уларыппатын, ис хоhоонун, уус-уран уратыларын уонна таhымын устуоруйа ситимигэр сүппэттии киллэрэрэ наадатын бары өйдүүллэр. Ордук дириэктэр тыйаатыр ситиспит чыпчааллара, духуобунай, үгэс буолбут сыаннастара симэлийбэттэрин ситиhэр сыаллаах-соруктаах.  Үҥкүү тыйаатыра норуот үҥкүүтүн бөҕөргөтөн, сайыннаран кэлбит нэhилиэстибэтин ииники дьылҕата хайдах буолара барыбытын да долгутар.

Саха омук быhыытынан тус  уратытын көрдөрөр, норуот күлүүс өйдөбүллэрин  сыана айымньыларыгар күүскэ киллэрэр, духуобунай сыаннастарбытын инники күөҥҥэ таһаарар тыйаатыр буолуохтааҕын М.Е. Николаев    Александр Алексеевка чопчулаан эппитэ өйдөнөр. Национальнай үҥкүү тыйаатырын тэриллиитэ оччолорго бу инники сайдыыга дьоhун, хорсун  хардыы этэ. М.Е.Николаев  дьоҕурдаах эдэр исписэлииһи тэрээhин уустук боппуруостарын кыайыа, үп-харчы өттүн сөптөөхтүк  быhаарыа, тыйаатыр сайдар суолун тобулуо диэн эрэнэн дириэктэр оҥорбута.   Мин билиҥҥэ диэри сөҕөбүн:  хайдах бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев ол дьалхааннаах сылларга, тургутуулаах кэмнэргэ нарын, намчы эрээри ис күүстээх, халбаннаабат силистээх саха алгыстаах үҥкүүтүгэр тыйаатыр статуhун биэрэн,  хорсуннук  инники күөҥҥэ өрө көтүтэн  таhаарбыта буолуой?  Билбитэ, эрэммитэ, итэҕэйбитэ оччо буолуо.  Сахабыт үҥкүүтэ, оhуокайбыт, битиибит, олонхо саҕаттан норуокка идеал буолбут «сэттэ кыталык кыргыттарбыт, тоҕус туруйа уолаттарбыт»  кэрэҕэ, сырдыкка тардар күүстэрин, дьонно-норуокка хайдахтаах да кэмнэргэ харысхал буолалларын, инники да үйэлэргэ үс саха ситимэ быстыбатын, күүстээх санаалары, бөҕө туругу сахалыы сэмэй үҥкүү хас биирдии көлүөнэҕэ тылыннара, тилиннэрэ, өйдөтө  туруоҕун. Мин, үйэ анаара саха үҥкүүтүн олоҕум  аргыhа оностубут киhи,  ону итэҕэйэбин.

Үҥкүү тыйаатыра тэриллиитэ   төрүт култуурабыт биир хатыламмат, дирин силистээх-мутуктаах көрүҥэ сайдарыгар кыаҕы биэрбитэ. Билэрбит курдук,  мындыр өйдөөх, айылҕаттан инникини өтө көрөр дьоҕурдаах  бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев  кэскиллээх уонна  күүстээх быhаарыыта этэ. Тыйаатыр үгүс үлэни тэлэн,  дойдуга, тас да дойдуларга билиниллэр,  сиппит-хоппут айар кэлэктиип буола үүннэ.

Үҥкүү тыйаатырын иhинэн тэриллибит Н.Н. Петров салайар саха национальнай үнүстүрүмүөннэрин  аркыастыра күүскэ сайынна, репертуарыгар саха композитордарын уустук мусукаалынай айымньылара киирдилэр. Тыйаатыр үҥкүүтүн кэлэктиибэ, аркыастыр артыыстара  сиппит-хоппут, элбэх үрдэли ылбыт, дойдубут, тас да дойдулар билинэр, сэргиир айар кэлэктииптэринэн буолла. Ити барыта үҥкүү тыйаатырын төрүттээбит  дириэктэр  Александр Алексеев 32  сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэ буоларын билинэр тоҕоостоох.

Тыйаатыр салалтата уонна айар кэлэктии биир сомоҕо айар күүс буолалларын өйдүөххэ, өйүөххэ.  Тыйаатыр биир дьиэ кэргэн буолар. Хаhан баҕарар айар кэлэктиип ис эйгэтэ,  үтүө сыhыан таhыма айар үлэhиттэргэ  тирэх, күүс-көмө буоларын умнар табыллыбат. Бу ыарахан кэмнэргэ, глобализация омук уратытын күүскэ симэлитэр кэмигэр, бастатан туран,  норуоппут култуурунай, духуобунай нэhилиэстибэтин хайдах харыстыыр туhунан толкуйдуохха. Иккиһинэн,  сана сүүрээн киирэрин ким да утарбат. Ол эрэн,  айар кэлэктиип санаатын учуоттуур, үөскээбит кыһалҕаларга мындыр сыhыан наада.  Александр Иванович тыйаатыры 32  сыл сыл салайарын тухары М.Н. Николаев сүбэтигэр тирэҕирбитэ, кини сүбэтин чиэстээхтик олоххо киллэрбитэ. Ол да иhин,  тыйаатыр дьоhун ситиhиилэрдэннэ.

Александр Иванович С.А.Зверев-Кыыл Уолун 125 сыллаах үбүлүөйүгэр элбэх былааннардаах. Ону тыйаатыр олоххо киллэрэригэр кыах биэрэр наада. Тыйаатыр С.А.Зверев-Кыыл Уолун үбүлүөйүгэр  уонча сыл бэлэмнэннэ. Биир кэлим тэрээһиннэр былааннанан,  норуот айар куттаах улуу киhитин  үбүлүөйдээх кэмнэригэр  С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан тыйаатыры тэрийбит, отуттан тахса сыл салайбыт  А.И.Алексеев туора туран хаалара саныахха хобдох. Александр Иванович саха норуотун айымньытын биир саамай кэрэ көрүҥүн —   үҥкүүнү профессиональнай ускуустуба таhымыгар таhаарда,  чиэстээхтик толордо, толорор да кыаҕа үрдүк.

Саха мындыр омук, бэйэ туhугар буолбакка,   норуот ускуустубатыгар, култууратыгар бэриниилээхтик  үлэлээбит, олохторун анаабыт, айбыт-туппут дьоммутугар, ама да үйэ, сыаннастар уларыйбыттарын иһин, төрүттэрбит муударастарыгар олоҕуран үлэhит дьонно харыстабыллаахтык сыhыаннаhар ыччаппытыгар да  үтүө  холобур буолуо этэ.

Мин кими да үөрэппэппин, аhара баран сэмэлээбэппин, оннук компетенция миэхэ суох, ол эрэн,  ханнык баҕарар эйгэгэ   бэйэ  бэйэҕэ сыhыан култуурата тупсуон, таhыма үрдүөн,  култуура, ускуустуба эйгэтигэр олохторун биэрбит дьонно харыстабыллаахтык сыhыаннаhыахтарын баҕарабын.

“Айыы киhитэ аhыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн төрүттэрбит хаалларбыт көмүс, күлүүс тыллара олоҥхо тиэкиһин иhигэр, тыйаатыр   сыанатыгар эрэ күлүмүрдээбэтиннэр, үөрүү-көтүү, бырааhынньык эрэ кэмигэр этиллибэтиннэр —   дьиннээх күннээҕи олохпутугар, бу кэмнэ, бу бириэмэҕэ  үтүөнэн дьайар күүс буоллуннар! Ол буолуо,  айыы киhитин айыы санаата буола турар  олохпутугар үтүөнэн дьайар күүhэ.

Үйэлэр усталлар, көлүөнэр уларыйаллар, кэм-кэрдии быыстала суох, уу курдук  устар. Оттон саха муударай, күлүүс санаалара, омук тыыннаах буолар туоhулара, өйүн-санаатын тулхадыйбат өйдөбүллэрэ  —   айыы санаа, айыы тыына, айыы киhитэ, күн сырдыга, күн киhитэ диэн өйдөбүллэрэ  үйэлэри унуордуохтара. Ити култуурунай кодтар, мэнэ өйдөбүллэр үс саха олоҕун инникитэ, сайдар кэскилэ баар буоларыгар сурун ирдэбиллэртэн биирдэстэринэн буолаллар.

 Ангелина ЛУКИНА, искусствоведение доктора, бэрэпиэссэр, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: