Саха сиригэр 3756 култуура волонтера регистрацияламмыт. Бу туһунан СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Саха сиригэр волонтердар хамсааһыннара сайдар уонна кэҥиир. Кинилэр үлэлэринэн хабар улуустара кэҥээн иһэр. Волонтердар култуура эйгэтигэр ыытыллар эрэгийиэннээҕи, Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэри ыытарга көмөлөрө улахан«, — диэн иһитиннэрэллэр.
«Культура спешит на помощь» бырайыак иитинэн волонтердар мобилизацияламмыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү, өйөбүлү оҥороллор. Иис сыахтарыгар, малы-салы тутар, араартыыр ыстаапка, быһа сибээс лииньийэтигэр үлэлииллэр. Ону таһынан, ыччаттарга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр патриотическай тиэмэҕэ араас оонньуулары, күрэстэри толкуйдаан, тэрийэн ыыталлар.
Дьокуускайга ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга РФ эрэгийиэннэриттэн 1900 волонтер 17 араас хайысханан кыттыбыта. Ол иһигэр култуура бырагырааматыгар 120 волонтер Саха сириттэн кыттыыны ылбыта. Кинилэр бэс ыйын 12 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри тэрээһиннэри ыытыыга тэрийээччилэргэ көмөлөспүттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Уус Алдан, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлөөн, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускайтан элбэх оскуола үөрэнээччилэрэ уонна ыччаттар волонтердаабыттара.
Алдан улууһугар Томмокко «Берег дружбы – 2024» ырыа XVIII бэстибэлин иитинэн, атырдьах ыйыгар, култуура волонтердарын айар оскуолата үлэлээбитэ. Кинилэр итиннэ түөрт бырайыагы оҥорбуттара: «Экологическое воспитание», «Брендинг территории», «Юбилей Великой Победы», «Семейные традиции» диэн. «Волонтеры культуры» (ВОД) Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһыны салайар Милена Богданова, «Волонтеры культуры» ВОД бырайыактыыр бөлөҕүн салайар Арина Гончарук эспиэртэринэн буолбуттара.
Санатан эттэххэ, «Култуура волонтердара» уопсастыбаннай хамсааһын 2019 сыллаахха тэриллибитэ. Манна «Култуура» национальнай бырайыак иитинэн үлэ ыытыллар. Бырайыак сыала — култуура эйгэтигэр уонна култуура нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа, ону сэргэ айар дьоҕуру сайыннарарга волонтердааһыны киэҥник тарҕатыы, сайыннарыы.
2014 с. РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин култуура Сэбиэтигэр тыл этиитигэр, култуура нэһилиэстибэтин харыстааһын тиэмэтигэр волонтердары уонна уопсастыбаннай түмсүүлэри тардыы улахан оруоллаах буоларыгар болҕомтотун уурбута. 2018 с. уочараттаах мунньахха кини култуура нэһилиэстибэтин харыстааһын эйгэтигэр информационнай өйөбүл ресурснай киинин тэрийэр туһунан этиини өйөөбүтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…