Култуура үлэһиттэрэ – буойуттарга анаан

Share

Ньурба оройуонун култууратын департамена улуус култууратын үлэһиттэрин кытта биир күүстээх санаа тула сомоҕолоһон, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаан аһымал кэнсиэртэри, аахсыйалары, култуурунай десаннары, араас тэрээһиннэри былааннаахтык уонна үрдүк таһымнаахтык, көхтөөхтүк ыыта олороллор.

Ол курдук, быйыл кулун тутар ыйга Ньурба оройуонун култууратын үлэһиттэригэр 2-с төгүлүн ыытыллар «Култуура аартыгынан» пуорум чэрчитинэн Ньурба куоратын «Кыталык” култуура дыбарыаһыгар аһымал кэнсиэр, оройуон Култуураҕа департамена бэлэмнээбит көрөөччү дууһатын туппут «Алгыстаах илдьит. Хотойдуу кынатыҥ хорсуннук көттүн диэн…» анимационнай видеоролик, муус устар 8 күнүгэр байыаннай сулууспалаахтарыгар көмөлөһөр сыаллаах Дьокуускайга оһуохай күрэҕин тэрийэн ыытыы, муус устар 10 күнүгэр киин куорат А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура дыбарыаһыгар улахан аһымал кэнсиэр, улуус нэһилиэктэригэр бу хайысхаҕа ыытыллар кэнсиэртэр, тэрээһиннэр балачча үбү киллэриигэ үлэлииллэр.
Ити тэрээһиннэртэн киирэр үп барыта байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуттарга көмөлөһөр сыаллааҕын туһунан Ньурба оройуонун култууратын департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Илья Николаев кэпсиир.

— Култуура, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, айар куттаах дьон-сэргэ көхтөөх кыттыыларынан улууска култуура, духуобунас чэрчитинэн араас тэрээһиннэр, аһымал кэнсиэртэр, аахсыйалар ыытыллаллар. Ол онтон «Кыайыы” пуондатыгар киирбит үп-харчы Ньурба хорсун хоодуот уолаттарыгар байыаннай усулуобуйаҕа туттуллар тактическай тэриллэри, таҥаһы-сабы, малы-салы ылыыга туһаайыллар. Култуура үлэһиттэрэ, айар куттаах дьоммут бу курдук бэйэлэрин кырата суох көмөлөрүн киллэриигэ ис сүрэхтэриттэн кыһаллан туран кытта, көмөлөһө сылдьалларыгар Култуура департаменыттан махталбытын тиэрдэбит.
Быйыл саас муус устар 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка тэрийэн ыыппыт “Алгыстаах илдьит. Хотойдуу кынатыҥ хорсуннук көттүн…” улахан аһымал кэнсиэртэн 188907 солк. харчы, Ньурба куоратын «Кыталык” култуура дыбарыаһыгар үрдүк таһымнаахтык ааспыт аһымал кэнсиэртэртэн, араас тэрээһиннэртэн хомуллан, 353.000 солкуобай киирбитэ.
Сүлэ нэһилиэгэр быйылгы сылга киирэн баран аҕалар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн, биирдиилээн дьон кыттыһан 49 тыһ. солк. хомуллан, нэһилиэктэн сулууспалыы сылдьар уолаттарыгар хас биирдиилэригэр саха быһахтара, хатат ылыллыбыттара. Бу сыл кулун тутар ыйыгар бастакынан быстах хомуурга ыҥырыллан баран, сыл аҥаарыттан ордук сулууспалыы сылдьар икки уоллара 20 хонуктаах уоппускаларыгар дойдуларыгар, дьиэлэригэр кэлэн баралларыгар 5670 солк. суумалаах харысхаллары алҕаан, кэтэрдитэлээн, 32 тыһ. солк. айаннарыгар тутталларыгар диэн харчы анаан хомуйан туттарбыттара. Маны таһынан «Дьулуур уонна кини хамаандата» киинэни көрдөрөн, улуус пуондатыгар 1350 солк. туттарбыттара. Култуура Департаменын ыҥырыытынан квадрокоптер атыылаһарга анаан ыытыллыбыт хомуурга 1500 солк. сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ. Сүлэтээҕи «Айыы Тайбыт» култуура киинигэр олоҕуран, нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин иһинэн «Эрэл» диэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ Федорова Галина Дмитриевна салайааччылаах Ньурбатааҕы «Көмүскэл» түмсүүнү кытта ыкса үлэлэспитэ ыраатта. Былырыыҥҥыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарыгар көмөҕө кээнчэлэри, наскыылари, наһыылкалари, повязкалари, харысхаллаах мөһөөччүктэри, защитнай сеткалары тигэннэр көмөҕө ыыта олороллор.
Маар нэһилиэгиттэн кулуубка ыытыллар тэрээһиннэртэн хомуллан киирбит 186000 солк. харчынан, Киирэп нэһилиэгиттэн уопсайа 63000 солк. харчынан, Чуукаардааҕы Е.М. Поликарпов аатынан «Эйгэ» Норуот айымньытын дьиэтэ «Алгыстаах хаамыы» бырайыак чэрчитинэн нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, тэрилтэлэрэ уопсайа 121000 солк. көмө оҥордулар.
Өҥөлдьө нэһилиэгин Социалистическай үлэ Геройа М.Ф. Алексеев аатынан норуот айымньытын дьиэтэ кулун тутар 25 күнүгэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа Иван Иванович Яковлев сырдык аатыгар «Байанай-2023» оройуоннай күрэх кыттааччыларыттан киирбит усунуостан 28000₽ солк., Чаппанда нэһилиэгин кулууба 17500 солк. харчынан көмөлөрүн киллэрбиттэрэ, Чаппанда бу ый 28 күнүгэр ыытыахтаах кэнсиэриттэн киириэхтээх үбү эмиэ пуондаҕа туттарары былааннаан олорор.
Таркаайы нэһилиэгиттэн иһитиннэрэллэринэн, уопсайа 190000 солк. хомуллан, нэһилиэк байыаннай сулууспаҕа сылдьар уолаттарыгар көмө оҥорбуттара. «Биир сомоҕо» аһымал кэнсиэртэриттэн 31000 солк киирбитин таһынан биир дойдулаах урбаанньыттан 30000 солк., А.А. Моргусов аатынан «Талба» Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастарын 29048 солк. киирбитэ.
Хатыы нэһилиэгэр «Саха мааны дьахтара» диэн дьахталларга куустатааҕы күрэхтэһии түмүгэр 20 800 солк. харчыны киллэрэн, пуондаҕа туттарбыттара. Кулууп, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ уоппускаҕа кэлэр уолаттары кытта нэһилиэнньэ көрсүһүүлэрин тэрийэн ыыта олороллор. Бары нэһилиэктэргэ култуура эйгэтин тэрилтэлэрэ бу курдук үлэҕэ көхтөөхтүк кытта олороллор, ону барытын кэпсиир кыаллыбат.
Ньурба оройуонун култууратын үлэһиттэрэ уолаттарбыт этэҥҥэ эрэ буоллуннар диэн көдьүүстээх көмөбүтүн, алгыстаах илдьиппитин инникитин да ыыта, көмөлөһө олорорго бэлэммит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

28 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago