Салгыы
Култуура үлэһиттэрэ — үлэ үөһүгэр

Култуура үлэһиттэрэ — үлэ үөһүгэр

31.12.2024, 15:00
Хаартыска: t.me/afanasiy_noev
Бөлөххө киир:

Дьыл саамай кэтэһиилээх кэрэ кэмин – Саҥа дьыл бырааһынньыгын култуура дьоно үлэ үөһүгэр көрсөллөр.

“Бэҕэһээ Нам улууһун икки нэһилиэгэр сылдьан, саҥа дьыллааҕы туруорууларын сэргии көрдүм. Хамаҕатталар нэһилиэк күүһүнэн «Хамаҕатта КЛАБ» диэн бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох туруорууну бэлэмнээбиттэр. Манна барыта 90 киһи кыттыбытын бэлиэтиэм этэ. Оттон аппаанылар бу күн саҥа дьыллааҕы остуоруйаны көрдөрөн, дьон сэҥээриитин ыллылар. Санатар буоллахха, Хатыҥ Арыыга аҕыйах сыллааҕыта «Култуура» национальнай бырайыагынан саҥа кулууп дьиэтэ тутуллубута. Дьон-сэргэ, үлэһиттэр саҥа култуура дьиэтин баар кыаҕын толору туһаналларын көрөн астынным.

Бу курдук култуура үлэһиттэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү, сырдыгы сыдьаайан үүнэр Саҥа дьыл бырааһынньыга өссө ураты, алыптаах тыыннанар«,— диэн култуура уонна духуобунас миниистирэ Афанасий Ноев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: