Култуура үлэһитин күнүгэр Дьокуускайга култуура уонна ускуустуба диэйэтэллэрин эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр култуура бастыҥын бэлиэтинэн, судаарыстыбаннай наҕараадаларынан уонна СӨ Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын грамоталарынан бэлиэтэннилэр.
Наҕараадалары СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, ону сэргэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) култуураҕа уонна сонуну киэҥниҥ тарҕатар сириэстибэлэргэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев туттардылар.
«РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн култуура сайдарыгар ахсаабат болҕомто ууруллар. Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ салалталарын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ култуурата сайдар. Ону култуура тэрээһиннэригэр сылдьыы элбээбитэ туоһулуур (2019 сылтан 1,8 төгүл элбээтэ). Култуура 500-тэн тахса үлэһитэ сыл аайы идэтин үрдэтинэр. Култуура тэрилтэлэрэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Култуура диэйэтэллэрэ байыаннай чаастарга уонна госпиталларга кэнсиэртииллэр, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүллэр», – диэтэ Георгий Михайлов.
Тыйаатыр ускуустубата сайдарыгар ураты кылаатын уонна өр сыллаах көдьүүстээх үлэтин иһин Саха тыйаатырыгар 50 сыл үлэлээбит РФ үтүөлээх артыыһа Герасим Васильевка Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни туттардылар.
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…
2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…
Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…