Кулуба Афанасий Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылынан Санкт-Петербурга тэрээһиннэр ыытылыннылар
Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылын көрсө бу күннэргэ Санкт-Петербург куоракка Амма улууһун дэлэгээссийэтэ тэрээһиннэри ыытта. Ол курдук, Арктика уонна Антарктика судаарыстыбаннай түмэлигэр Арассыыйа уонна СӨ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Николай Рязанскай хартыыналарын быыстапката аһылынна.
Дьоро күн тэрээһини Арктика уонна Антарктика судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрин бастакы солбуйааччы Эдуард Суворов салайан ыытта уонна аалай кыһыл лиэнтэни худуоһунньук Николай Рязанскайы кытта быстылар.
Эҕэрдэ тылларын Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин солбуйааччы Юрий Кравцов, Амма улууһун баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы педагогическай судаарыстыбаннай университет Хотугу норуоттар институттарын профессора, филологическай билим доктора, Арассыыйа үөрэхтээһинин эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Александр Петров, Санкт-Петербург куорат блокадатын түмэлин сотруднига Михаил Кириллин, Соморсун нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Надежда Белолюбская эттилэр.
Быыстапка аһыллыбытын кэнниттэн худуоһунньук хас биирдии хартыынаны кэлбит дьоҥҥо билиһиннэрбитин, кэлбит дьон сэҥээрэ, сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр. Барыта 22 хартыына турда. Бу быыстапка түмэлгэ бэс ыйын 18 күнүгэр диэри туруоҕа.
А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы педагогическай судаарыстыбаннай университет Хотугу норуоттар институттарыгар көрсүһүү тэрилиннэ. Манна институт дириэктэрэ Софья Урун, Амма улууһун баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Нюргуяна Илларионова уонна Соморсун нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Надежда Белолюбская кыттыыны ыллылар. Амма улууһун төрүттээбит Афанасий Петрович Рязанскай олоҕун туһунан кини аатын сүгэр оскуола учуутала Мария Николаевна Ефремова сырдатта. Ол кэнниттэн худуоһунньук Николай Рязанскай айар үлэтин туһунан кэпсээтэ. Институт устудьуоннара, преподавателлэрэ улуус бастакы кулубата үөрэҕи сайыннарыыга үлэтин, тылы билиигэ улахан суолта уурбутун сөхтүлэр. Салгыы көрсүһүү кыттааччылара худуоһунньук Николай Рязанскай айымньыларын тула ырытыһыыга, ордук олоҥхо сюжетын уруһуйдарын тула кэпсэттилэр, уруһуйу хайдах айан таһаарарын ыйыталастылар. Онон олус истиҥ, сэргэх тэрээһин ааста.
Амма улууһун бастакы кулубата А.П. Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылын көрсө былааннаммыт тэрээһиннэртэн биир бөдөҥө бэрт ситиһиилэхтик Арассыыйа таһымыгар дойду култуурунай киинигэр буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: