Кулун тутар 22 күнэ – Аан дойдуга Уу күнэ
Кулун тутар 22 күнүгэр аан дойду үгүс дойдуларыгар сыл аайы уу күнэ эбэтэр уу баайын күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин генеральнай ассамблеятын быһаарыытынан ахсынньы 22 күнүгэр 1992 с. тэриллибитэ.
Уу – олох төрдө. Сир ньуурун 70%-на уунан бүрүллэ да сыттар, 97,5%-н кэриэтэ туустаах. Оттон ыраас уута 2,5% кэриҥэ, онуоха уу 68,7% сир анныгар, ирбэт тоҥноох сирдэргэ сытар. Сир шарыгар баар уу баайын уопсай кээмэйин 1 %-н эрэ киһи туһанар кыахтаах.
Уу – киһи олоҕор уонна аан дойдуга саамай сыаналаах айылҕа баайыттан биирдэстэрэ. Аан дойдуга киһи олоҕор туохтан да күндү, олоххо-дьаһахха туһалаах ыраас уу буолар. Ыраас уу – доруобуйа мэктиэтэ!
Арассыыйа ыраас уу баайдаах дойдулартан биирдэстэринэн буолар. Биһиги дойдубут сиригэр-уотугар үс мөлүйүөн өрүс, үрэх уонна 2,7 мөлүйүөн күөл баар. Аҥардас Байкалга аан дойдутааҕы уу саппааһын 20% баар.
Оттон Саха сиригэр 700 тыһыынчаттан тахса өрүс уонна үрэх, 800 тыһыынча кэриҥэ күөл баар. Сүрүн өрүспүт долгуһуйа устар Өлүөнэ эбэ буолар, кини кэнниттэн Алдан, Бүлүү, Халыма өрүстэри ааттыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: