Кулун тутар 25 күнүттэн мобилизация саҥа долгуна буолуо дуо?
«Кулун тутар 25 күнүттэн Арассыыйа Федерациятыгар мобилизациялыыр тэрээһиннэр сөргүтүллүөхтэрэ», — диэн ис хоһоонноох сураҕы кытта Оборуона министиэристибэтин тустаах бирикээһэ социальнай ситимнэргэ, телеграмҥа тарҕанна. Үүт-үкчү маннык сымыйа докумуон былырыын күһүн эмиэ тарҕанан дьону долгуппута.
Оччолорго сымыйа бирикээс 2023 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр баттаммыт буоллаҕына, быйылгы кулун тутар 6 күнүгэр баттаммыт. Иһигэр 300 тыһыынча киһини хомуурга ыҥырар туһунан суруллубут. Соруйан дьону соһутаары, куттаары маннык суруйбуттар.
Бу сымыйа докумуону оҥорооччулар миниистир Сергей Шойгу илии баттааһынын кытта уларыппыттара биллибит.
Бу постары Украинаны өйүүр дьон тарҕаппыт буолуохтарын сөп.
Санатан суруйдахха, Арассыыйаҕа мобилизациялыыр тэрээһиннэр 2022 сыл алтынньытыгар түмүктэммиттэрэ уонна онтон ыла ыытылла иликтэр. Билигин Арассыыйа аармыйатын кэккэтигэр бэйэ баҕатынан сулууспалыы кэлэр дьону эрэ ылаллар.
Бу туһунан «Война с фейками» телеграм ханаал суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: