Кулун тутар 4-10 күннэрэ — Оҕо уонна ийэ доруобуйатын нэдиэлэтэ
Оҕо доруобуйатын харыстабыла – Арассыыйаҕа оҕо аймах харыстабылын эйгэтигэр судаарыстыба бэлиитикэтин сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ. Онтон биирдэстэринэн ийэ уонна оҕо доруобуйаларын туруга, ол иһигэр оҕо күүтэр кэмҥэ доруобай сылдьыы буолар.
Орто дойдуга оҕо чэгиэн туруктаах кэлэригэр ийэ буолуохтаах киһи бэйэтин доруобуйатыгар эрдэттэн кыһаллыахтаах. Онуоха Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин маннык сүбэлиир:
-куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныахтаах;
-сөпкө уонна туһалаах астарынан аһыахтаах;
-сөбүн көрөн хамсаныахтаах, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыахтаах;
-бэйэтин доруобуйатын куруук кэтэнэн сылдьыахтаах (диспансеризацияны кэмигэр барыы, бырааска эрдэттэн көрдөрүнүү, сыстыганнаах ыарыылартан харыстаныы, оҕо күүтэринэн учуокка эрдэ туруу, быраас кэтэбилигэр сылдьыы);
-үлэ уонна сынньалаҥ эрэсиимин тутуһуохтаах;
-стресскэ киириэ суохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: