Хаартыска: СИА
Сарсын, кулун тутар 5 күнүгэр, сарсыарда 10:40 чаастан Саха сиригэр нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-биллэрэр систиэмэни бэрэбиэркэлээһин ыытыллыаҕа.
Бу туһунан СӨ Гражданскай оборуонаҕа уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ иһитиннэрэр.
Иһитиннэрэр-биллэрэр ситим айылҕа содулуттан эбэтэр техногеннай кутталлаах, ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр нэһилиэнньэни сэрэтэргэ туһаныллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 2024 сыл кулун тутар 5 күнүгэр сирена доҕуһуоллаах “Внимание всем!” диэн күүстээх дорҕоонунан доргуччу саҥарыахтара. Ону таhынан бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа нөҥүө итинник иһитиннэрии ыытыахтара.
СӨ Гражданскай оборуонаҕа уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэтэ сигналы иһиттэххитинэ, ыксаабаккатыгар, холкутуйаргытыгар көрдөһөр. Бу сигнал былаан быһыытынан ыытыллар биллэрэр систиэмэни бэрэбиэркэлээһин буолар.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…