Бу ыйга Күн сааскы тэҥнэһиитэ үүнэр.
Бу күнү Саха төрөөбүт күнэ дииллэр эбит. Сырдыкка тахсар туом диэни толороллор. Иһиккэ уот иитэн баран, уоту аһатан, алгыс анаан туран күнү батыһа эргийэн кэлэллэр. Ити 22-с күн. Уокка, дьиэ оһоҕор үс үрүҥ кылы алҕаан баран биэрэллэр.
Ыйбыт астаах. Сылгы хаһатынан айах минньитэн Дьөһөгөй Айыыга тиксэбит. Ол аата халыҥ харчы кэбиһэн баай-дуол суолталааҕа биир олохпутун түстүүбүт. Саха аһыгар тиксэр үгэспит ыал олоҕор биир үтүө күн буолар. Ону мүччү тутумуохха, иилэ хабан ылан, үгэс гынан, туттан киирэн барыахха.
Саха ыалын халандаарыттан, «Айар», 2024 сыл.
Ый билгэтэ
Кулун тутардааҕы саҥа ый былыттаах халлааҥҥа таҕыстаҕына, ардахтаах сайын буолар. Сахалар саҥа ый хайдах тахсарын кэтээн көрөн, күнү-дьылы билгэлээччилэр. Ый сытыары таҕыстаҕына — саҥа ый хаардаах, тыаллаах-куустаах, оттон өргөһө үөһэ буоллаҕына, ардаҕа-хаара суох кураан ый буолар.
1- Хотой кэлэн уйатын хаардыыр, көмнөх хаар түһэр. Ымыы көстөр.
2 — Кыһын ортото. Киргил төрүүр. Эһэ биир өттүгэр эргийэн баран салгыы утуйар.
6 — Күнүс ылаарар, бастакы бэлиэтээһин.
12 — Суол килэрийэр.
13- Хаар ирэн, сарайтан таммалыыр.
14 — Дьэбдьэкиэйэп күнэ. Күнүһүн сылыйан ириэһин саҕаланар. Бу күн хотуттан, арҕааттан тыалырдаҕына — сайына сөрүүн, хаһыҥнаах, сир аһа аҕыйах буолар. Хаардаатаҕына — сайына ардахтаах. Саҥа төрөөбүт ый сууннаҕына, сайынын өлгөм үүнүү. Күүскэ сылыйдаҕына — саас эрдэ кэлэр.
15 — Улар охсоро саҕаланар.
17 — бэлиэтээһин.
20 — Тураах кэлэр. Бу күн сылаас буоллаҕына — 40 күн сылыйар, тымныы буоллаҕына — 40 күн тымныйар.
21 — Күн түүнү кытта тэҥнэһэр, о.а.күн уһуна 12 чаас. Туллук кэлэр, кукаакы уйаланар. Тэҥкэ ойуурга суор уйатын оҥостор, бастакы сымыытын түһэрэр.
22 — Саас кэлэр.
30 — Сылаас Өлөксөй күнэ. Таммах таммалыыр, онуоха муус чопчулар уһун, хойуу буоллахтарына — уулаах саас, кылгас буоллахтарына — сааһын уутун-хаарын көтүтэр.
31 — Саарба, солоҥдо төрүүллэр. Тыалырдаҕына, суолу томтотор.
Бикипиэдьийэттэн
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…