Кулун тутарга XII Гражданскай пуорум ыытыллыаҕа
Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кулун тутар 13-14 күннэригэр үтүө үгэскэ кубулуйбут XII Гражданскай пуорумҥа кыттарга ыҥыраллар. Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананар.
Гражданскай пуорум — уопсастыба саамай суолталаах кыһалҕаларын дьүүллэһиигэ уонна сөптөөх быһаарыылары көрдүүргэ, ылынарга платформа. Пуорумҥа гражданскай уопсастыба, кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, көхтөөх дьон, олохтоох салайыныы уорганнара, урбаан уопсастыбата уонна Саха сирин ситэриилээх былааһа кыттыахтара.
Пуорум бырагырааматынан биэс дьүүллэһии былаһаакката, социальнай бырайыактары оҥорууга үөрэтии тэрээһинэ уонна түмүк пленарнай мунньах ыытыллыахтара. Ону тэҥэ пуорум чэрчитинэн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Дьокуускай куорат Үөрэх управлениетын тэрийбит «Кэскилбит бүгүн саҕаланар» дьиэ кэргэн бэстибээлэ буолуоҕа.
Санаттахха, былырыын кулун тутар ыйга уопсастыбаннай санаа лидердэрэ, көхтөөх дьон, уопсастыбанньыктар, федеральнай экспертэр икки күн устата нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун, Аартыка уонна тыа сиригэр үлэ усулуобуйатын тэрийиитин, олохтоох табаары оҥорооччулары уонна кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри өйөөһүн боппуруостарын дьүүллэспиттэрэ. Үүнэр көлүөнэни патриотическай иитиигэ сүрүн тимэни кытта сибээстээх кэккэ боппуруостаргаа болҕомто ууруллубута. Тэрээһиҥҥэ барыта тыһыынчаттан тахса киһи мустан кыттыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: