Кулун тутартан бэнсиин экспорын тохтотору былаанныыллар
Дойду Бырабыыталыстыбата кулун тутар 1 күнүттэн алта ыйга бэнсиини экспорка таһаарары тохтотор былааннаах.
Бу туһунан бэҕэһээ, олунньу 27 күнүгэр, дойду вице-премьерэ Александр Новак бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитин «Парламентская газета» суруйар.
Ол иннинэ СМИ-гэ уматыкка сыана үрдээбитинэн, кулун тутар ыйтан туһааннаах хааччахтары олохтуурга былааннанарын туһунан иһитиннэрии куйаар ситимигэр эрдэтинэ тарҕаммыта.
Иһитиннэриигэ чуолкайдаммытынан, сайыҥҥы уоппуска уонна хонуу, ону тэҥэ неби переработкалыыр собуоттары саҥардыы үлэлэрин кэмигэр наадыйыы улаатарынан ылылынна. Ол эрээри, быһаарыы Евразия экэнэмиичэскэй сойууһун дойдуларыгар, ону таһынан Соҕуруу Осетияҕа, Абхазияҕа, Монголияҕа уонна Узбекистаҥҥа тарҕаныахтара суоҕа. Бу сонуну дойду Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыгар бигэргэттилэр.
Санаттахха, олунньу саҥатыгар Александр Новак бэлиэтээбитинэн, 2023 сыл түмүгүнэн Арассыыйа 531 мөлүйүөн туонна неби хостооһун көрдөрүүтэ тиийбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: