Кулун тутартан суол быраабылатыгар саҥа уларыйыы киирдэ
Кулун тутар 1 күнүттэн төгүрүк иигэ холбоһор суолунан (перекрестокка) айанныырга саҥа быраабыла киирэр.
Санатар буоллахха, бу иннинэ төгүрүк ии иһигэр сылдьар тимир көлө сүрүн бырааптааҕа. Ол эрээри, маннык ордук көдьүүһэ суох эбит диэн быһаарбыттар. Онон сибээстээн уларытыыны киллэрдилэр.
Автокод иһитиннэрэринэн, кулун тутартан төгүрүк иигэ холбоһор суолга сүрүннээн үс исхиэмэ баар буолла. Манна сүрүн оруолу суол быраабылатын бэлиэлэрэ ылыахтара.
— Өскөтүн төгүрүк иигэ киирии иннигэр сүрүн быраабы биэрэр бэлиэ суох буоллаҕына, төгүрүк ии иһинэн айаннаан иһэр тимир көлөнү хайаан да ааһарын күүтүллэр.
— Өскөтүн төгүрүк иигэ киириигэ 4.3. («Круговое движение») уонна 2.4. («Уступи дорогу») бэлиэлэр турар буоллахтарына, суол быһа охсуһуутунан иһэр тимир көлөлөрү аһардыллар.
— Өскөтүн төгүрүк иигэ киири иннинэ 4.3. («Круговое движение») уонна 2.1. («Главная дорога») бэлиэлэр турар буоллахтарына, быһа охсуһар суолунан хорсуннук барыллар. Суоппарга сүрүн быраап бэриллэр.
Үһүс исхиэмэ «турбоперекресткаларга» аналлаах, элбэх тимир көлөр сылдьар суол быһа охсуһууларын түргэнник ааһарга аналлаах. Төгүрүк иигэ киириигэ светофор турар буоллаҕына, ол ыйыытынан айаннаныллыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: