Кулун тутартан тыа сиригэр мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ
Быйыл саас, кулун тутар 1 күнүттэн, тыа сиригэр үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Бу туһунан Бэрэсидьиэн Владимир Путин Аныгы технологиялар пуорумнарыгар иһитиннэрбитэ.
Ол курдук, 50-100 тыһ. нэһилиэнньэлээх куораттарга быраастар хамнастарын таһынан 29 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх эбии төлөбүр ылыахтара, оттон орто сүһүөх мэдиссиинэ үлэһиттэригэр 13 тыһыынча солкуобай бэриллиэҕэ.
50 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэргэ маннык кээмэйдээх эбии төлөбүрдэр ананыахтара: быраастарга – 50 тыһыынча солкуобай, орто сүһүөх мэдиссиинэ үлэһиттэригэр – 30 тыһыынча солкуобай.
Ону таһынан дойду бары эрэгийэннэригэр Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн мэдииссинэ бары үлэһиттэрин хамнастарын акылаатын 50 % үрдэтэргэ, ону сэргэ эбии төлөбүрдэри оннунан хаалларарга сорудахтаата. Итини сэргэ дойду Бэрэсидьиэнэ куораттарга уонна тыа сиригэр мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорууга тарыыптары тэҥнииргэ санатта, оччотугар эрэгийиэн баһылыктара мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнастарыгар элбэх үбү-харчыны ороскуоттуулларыгар кыах үөскүүрүн бэлиэтээтэ диэн «Парламентская газета» суруйар.
Санаттахха, Саха сиригэр былырыын 9 937 мэдиссиинэ үлэһитэ уопсайа 141 мөлүйүөнтэн тахса суумаҕа эбии социальнай төлөбүрү туһаммыта. Анал социальнай төлөбүр доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх мэдиссиинэ, киин оройуоннааҕы уонна учаастактааҕы балыыһалар, ону тэҥэ «суһал көмө» үлэһиттэригэр ананар. Төлөбүр кээмэйэ тэрилтэ исписэлииһин категориятыттан уонна тэрилтэ көрүҥүттэн тутулуктанан 4,5-тэн 18,5 тыһыынча солкуобайга диэри тиийэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: