Кумааҕы үлэтиттэн — сыыппараҕа
Ил Дархан Айсен Николаев экэниэмикэ салаатыгар, социальнай эйгэҕэ уонна судаарыстыбаннай салайыы үлэтигэр цифровой иһитиннэриини туһаныыга бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта.
Аҕа баһылык бэлиэтииринэн, ааспыт сыл түмүгүнэн цифровой иһитиннэрии чэрчитинэн, эрэгийиэннэр салайааччыларын федеральнай оперативнай рейтиннэригэр Саха сирэ 10-с миэстэҕэ сылдьар.
— Өскөтүн, бу иннинэ 13 көрдөрүүнэн сыаналаабыт эбит буоллахтарына, саҥа ирдэбилинэн 19 чахчылааһын киирдэ: «госуслуга», «госпаблик», информационнай куттал суох буолуутун хааччыйыы, федеральнай информационнай тиһиктэргэ ахтыллыы курдук ирдэбил киирдэ. Онон саҥа соруктар турдулар, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова кумааҕы докумуону оҥоруу 70 % аччаабытын, 82 судаарыстыбаннай өҥө электроннай тиһигинэн оҥоһулларын иһитиннэрдэ.
Сыыппара, инновация уонна инфокоммуникационнай технологиялар сайдыыларын миниистирэ, бырайыактыыр офис салайааччытын солбуйааччы Анатолий Семенов бэлиэтээбитинэн, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ бары салаалара суһал ыстаап эрэсииминэн үлэлииллэр. Онон судаарыстыбаннай былаас уонна биисинэс тэрилтэлэрин үлэлэрэ түмүктээх.
Маны тэҥэ, мунньах кыттыылаахтара “Саха сирин олохтооҕун каартата” эрэгийиэннээҕи бырайыагы сиһилии дьүүллэстилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: