ВИДЕО. «Кумар» позывнойдаах байыас бэйэтин туһунан кэпсээтэ
«Кумар» позывнойдаах байыас «Саха» НКИХ байыаннай кэрэспэдьиэннэрэ Олег Колесовы уонна Илья Жараевы кытта көрсүһүүгэ сулууспатын уонна бэйэтин туһунан кэпсээтэ, төрөөбүт куоратын уонна дьиэ кэргэнин санаан ылла.
«Кумар» позывнойдаах байыас кыргыз омук төрүттээх, Дьокуускайга төрөөбүт, орто оскуола 9 кылааһын бүтэрбит. Сулууспаҕа барыан иннинэ «Якутскэнерго» АХ подразделениетыгар үлэлээбит. 2022 сыл балаҕан ыйыгар киниэхэ бэбиэскэ туттарбыттар. Ол кэннэ алтынньы ый ортотугар кини атын байыастары кытта Херсон уҥа кытылыгар кимэн киирбит. Оттон сэтинньи ыйтан Запорожскай хайысханан сулууспалаабыт. Бу туһунан видео «Военкоры Якутии» ТГ-ханаалга таҕыста.
Мобилизация саҕаламмытыгар байыас байыаннай дьайыылар сотору кэминэн түмүктэниэхтэрэ дии санаабыт. Биир идэлээхтэрэ карбюратор мотуордаах УАЗ- 469 масыынаны илдьэ кэлбиттэр, манна итинник массыына ордук сыаналанар. Кэнники сидиэнньэлэрин устан баран, Кумар массыынаны микрогрузовик курдук таһаҕас тиэйиигэ туһанар буолбут, ротаны бары наадалааҕынан хааччыйар. ««Якутскэнерго» үлэһиттэригэр махтал!», — диир Кумар.
Кумар ийэтигэр уонна үс оҕотун соҕотоҕун иитэр-үөрэтэр кэргэнигэр эҕэрдэ тиэртэ. «Биир кыыһым байыаннай дьайыы хонуутугар барарым саҕана бастакы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Билигин кини үһүс кылааска үөрэнэр. Улахан уолум хоккейга оонньоон баран, билигин бырахпыт. «Мин сотору дьиэбэр тиийиэҕим, хоккейга оонньуохпут», — диир Кумар. «Кыра уолум эмиэ хоккейга барыаҕа», — диэн кини эрэннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: