Олоҥхо күнүгэр биир сүрүн тэрээһининэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо кинигэтэ саҥардыллан тахсыытын уонна «Кунан Хара» тыва эпоһын тылбааһын кинигэлэрин сүрэхтэниилэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолла.
СӨ култууратын уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов бэлиэтээбитинэн, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кинигэни саҥардан таһаарыы (1500 экземпляртан 500-һүн өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэригэр бэлэхтэннэ) Саха АССР 100 сылын бэлиэтээһин былааныгар киирбитэ. Монументальнай героическай эпоһы саха литературатын классига Былатыан Ойуунускай тилиннэрбитэ. Кинигэ 2003 сыллаахха суруйааччы 110 сааһыгар тахсыбыта. Кинигэни саҥардан таһаарыыга бырабыыталыстыба түөрт мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ.
«Кунан Хара» тыва норуотун эпоһын «Айар» кинигэ кыһата ЮНЕСКО эгидэтинэн сахалыы тылынан “Аан дойду норуоттарын эпическэй пааматынньыктара” норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак чэрчитинэн бэчээккэ бэлэмнээн таһаарда.
Кинигэҕэ эпос тылбааһын үс барыйаана киирдэ. Ол курдук, тыва тылыттан нуучча тылыгар эпосовед Анатолий Кудияров тылбаастаата. Нуучча тылыттан сахалыы Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Альбина Борисова тылбаастаата. Оригиналтан тылбааһы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков оҥордо.
Саха сирин биллиилээх фольклориһа, олоҥхону чинчийээччи, филологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Василий Илларионов бу тэрээһин суолтатын маннык арыйда:
— Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн “Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара” диэн сиэрийэ тахсар. Онно кыргызтар “Манас”, башкирдар “Ураал Баатыр”, алтайдар “Маадай Хара”, тывалар «Кунан Хара» курдук эпическэй айымньыларын сахалыы тылбаастыыбыт. Ол оннугар кинилэр биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотурбутун” бэйэлэрин тылларыгар тылбаастаабыттара.
Ити курдук, түүр омуктара бэйэ-бэйэбит эпостарын хардарыта тылбаастаһан, суолталаах үлэни ыытабыт. Оннук кэпсэтии барбыта ыраатта. ЮНЕСКО өйөбүлүнэн барар буолан, бу үлэ аан дойду таһымнанна, суолталанна. Сотору хакаастар эпостарын тылбаастыыр былааннаахпыт.
Онон биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобутун атын омуктар тылларыгар тылбаастатан тиэрдии соруга турарын туһунан мин кинигэ сүрэхтэниитигэр үрдүк тырыбынаттан эттим.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…