Куобах ахсаана аҕыйах, хомойуох иһин, уруккутун курдук кыайан элбээбэтэ
Мин быйыл үлэбинэн Дьааҥыга атырдьах ыйыгар тиийэн баран, куоракка бу аҕыйах хонуктааҕыта кэллим. Дьааҥы улууһун Адыаччытыгар быйыл атын сыллартан уратылаах күһүн буолла диэн бэлиэтиибин.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ, хаар түспүтүн кэннэ, муус туран эрдэҕинэ суукканы быһа ардах түһэн, Адыаччы өрүс, киниэхэ түһэр Туостаах үрэҕэр уу кэлэн ыксата сырытта.
Бу айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьан кэтээн көрбүппэр олоҕуран кэпсиэхпин баҕарабын. Ол курдук, куобах ахсаана аҕыйах, хомойуох иһин, уруккутун курдук кыайан элбээбэтэ. Дьон этэринэн, куобах кыайан элбээбэтин сүрүн төрүөтүнэн саһыл элбээбитэ буолар. Саһыл дэриэбинэ таһыгар күрдьүккэ кытта кэлэр буолла. Тириитэ сыаналаммат буолан, дьон бултаһа да сатаабат. Тыатааҕы саас эмискэ элбээн баран, күһүҥҥү өттүгэр аҕыйаата. Сир аһа аҕыйах буолан, атын сиргэ сыҕарыйда быһыылаах дии санаатым.
Тайах ахсаана син уруккутун курдук. Мас көтөрө син баар. Хабдьы айанныыр, сорох сиргэ эмискэ элбээн кэлэр. Кус быйыл урукку дьыллардааҕар аҕыйах. Күһүн хаас күүскэ айаннаата. Дьон этэринэн, кэтээн да көрөрүнэн, хаас сылтан сыл элбээн иһэр, айанныыр кэмэ да уһаата.
Сергей Слепцов,
Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын чинчийэр институт инженер-чинчийээччитэ.
Хаартысканы: С. Слепцов ыытта.
Урут диирбэр тиийэбин, биһиги эдэр эрдэхпитинэ, ааспыт үйэ 60--70-с сылларыгар, күһүн-саас Өлүөнэ эбэбит туруутун-эстиитин, айан-сырыы…
Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэри-туому төһө билэҕитий? Хаһан эмэ истибиккит дуо? Аһы үрэр аньыы. Ас амтана алдьанар.…
Улууска олорор атах таҥаһын маастардарын көрдөөн, билэр-билбэт дьоммун барыларын атахтарыгар туруоран, соҕуруунан-хотунан эрийэн, бу эйгэҕэ…
Хас өрөбүл ахсын Арчыга оһуохайбыт үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллар. Бүгүҥҥү оһуохайбыт Муома улууһугар ананна. Куоракка олорор…
Битэмииннэр тустарынан билэҕит дуо? Үксүбүт күүһү-уоҕу биэрэллэр, иммунитеты үрдэтэллэр, баттах түһэрин тохтотоллор диэн билэбит. Манна…
ЧУРАПЧЫГА – МАССЫЫНА СЕРВИҺЭ Саха сирин хас биирдии улууһугар социальнай хантараагынан өйөбүлү ылбыт дьиэ кэргэттэр…