Куобах ахсаана аҕыйах, хомойуох иһин, уруккутун курдук кыайан элбээбэтэ
Мин быйыл үлэбинэн Дьааҥыга атырдьах ыйыгар тиийэн баран, куоракка бу аҕыйах хонуктааҕыта кэллим. Дьааҥы улууһун Адыаччытыгар быйыл атын сыллартан уратылаах күһүн буолла диэн бэлиэтиибин.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ, хаар түспүтүн кэннэ, муус туран эрдэҕинэ суукканы быһа ардах түһэн, Адыаччы өрүс, киниэхэ түһэр Туостаах үрэҕэр уу кэлэн ыксата сырытта.
Бу айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьан кэтээн көрбүппэр олоҕуран кэпсиэхпин баҕарабын. Ол курдук, куобах ахсаана аҕыйах, хомойуох иһин, уруккутун курдук кыайан элбээбэтэ. Дьон этэринэн, куобах кыайан элбээбэтин сүрүн төрүөтүнэн саһыл элбээбитэ буолар. Саһыл дэриэбинэ таһыгар күрдьүккэ кытта кэлэр буолла. Тириитэ сыаналаммат буолан, дьон бултаһа да сатаабат. Тыатааҕы саас эмискэ элбээн баран, күһүҥҥү өттүгэр аҕыйаата. Сир аһа аҕыйах буолан, атын сиргэ сыҕарыйда быһыылаах дии санаатым.
Тайах ахсаана син уруккутун курдук. Мас көтөрө син баар. Хабдьы айанныыр, сорох сиргэ эмискэ элбээн кэлэр. Кус быйыл урукку дьыллардааҕар аҕыйах. Күһүн хаас күүскэ айаннаата. Дьон этэринэн, кэтээн да көрөрүнэн, хаас сылтан сыл элбээн иһэр, айанныыр кэмэ да уһаата.
Сергей Слепцов,
Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын чинчийэр институт инженер-чинчийээччитэ.
Хаартысканы: С. Слепцов ыытта.
Бүгүҥҥү күн – наҕыл, сымнаҕас уонна дьиэҕэ-уокка чугас дьону кытта сынньанарга табыгастаах кэм. Ый Оҕус…
Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, биллиилээх суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл, РФ суруналыыстарын сойууһун, РФ уонна СӨ суруйааччыларын…
Саха сирин олохтоохторун төлөпүөнүнэн түөкүннээһин саҥа, кутталлаах көрүҥэ тарҕаммытын туһунан сэрэттилэр. Түөкүттэр военкомат аатыттан эрийэн,…
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар кэннилэриттэн харыйаны көннөрү бөх контейнерыгар бырахпыт буруйдаахтар хас да тыһыынча солкуобайга диэри…
Дойду үрдүнэн 2026 сылга сааһынан ананар страховой биэнсийэ орто кээмэйэ ыйга 27 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ.…
СӨ Борокуратуурата дьиэ-уот быраабын көмүскээһин туһунан тулаайах кыыс сайабылыанньатынан бэрэбиэркэни ыытта. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата…