Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар.
Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга баҕа өттүнэн көмөлөһөр сыалтан, Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгэр 2024 с. тохсунньу 16 күнүгэр «Надежда» диэн уонча киһилээх иистэнэр түмсүү (салайааччы Т.У. Еремеева) тэриллибитэ. Үлэлээх, хаһаайыстыбалаах ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ — кинилэр ортолоругар иистэнньэҥ идэлээх киһи суох да буоллар, бэйэлэрин дьиэҕэ иистэнэр массыыналарын илдьэ кэлэн, «Угуйаан» кулууп (дир. Илларионова Н.В.) биир хоһугар киирбиттэрэ. Саҥа тэриллээт да, соһуччу баҕайытык тохсунньу бүтүүтүгэр үс күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн-күрэхтэһиигэ биэс киһилэрэ кыттан «сүрэхтэммиттэрэ».
Оттон от ыйыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи иис куонкуруһугар Игнатьева Р.П. уонна Еремеева Т.У. улуус хамаандатыгар (сал. Дьяконова К.А.) киирэн, Дьокуускайга баран кыттан, кыайыы көтөллөөх кэлбиттэрэ. Матырыйаалларынан Дьокуускайтан «Илии сылааһа» хамсааһын (сал. Саввина И.Е.) хааччыйар. Ити иистэнэр сыахха баар биир дойдулаахпыт Антонина Сметанина таҥастары ыытар, тутар, сибээстиир. Саас таба тыһынан илиинэн тигэн, 20-тэн тахса олбоҕу, сайын ыраастаныыга туттуллар арчыланар оттору ыыппыттара.
«Надеждалар» матырыйаал ыллылар да, кулуупка ким иллэҥнээҕинэн түмсэн, таҥас быһаллар, иистэнэллэр. Сатаабаттарын “Илии сылааһа” ыытар видеоларынан көрөн үөрэнэллэр. Кэбээйи бөһүөлэгэр баар «Надёжный тыл» кыргыттарын кытта үстэ көрсөн, кинилэртэн маастар-кылаас ылбыттара, итинник уустук боппуруостарга кэбээйилэр күүс-көмө буолаллар. Тохсунньу бүтүүтүттэн иистэнээччилэрбит байыаннай таҥас, ичигэс ис таҥас кэмпилиэктэрин, тактическай ырбаахылары, кыһыҥҥы кууркалары, сэлиэччиктэри, бэргэһэлэри, дождевиктары, футболкалары, куллукулары ыстааннары, снудтары, балаклавалары утумнаахтык тигэллэр.
Бэҕэһээ биир дойдулаахпыт Ариан Новгородов Дьокуускайга тиийээт, “Илии сылааһа” (сал. И.Е. Саввина) иистэнэр сыахха байыаннай таҥастаах баһыылкалары илдьэн туттарда.
Түмсүү үлэтин дьиэ кэргэннэрэ да, нэһилиэк дьоно да өйүүллэр. Бу күннэргэ кыра бырааттара байыаннай дьайыыга сылдьар ини-бии Давыд, Геннадий Ивановтар “Надежда” түмсүүлэргэ иистэнэр кэмҥитигэр чэйдээҥ, күөстэниҥ диэн муус аҕалан биэрдилэр. Кинилэргэ махталбытын биллэрэбит.
Ираида Софронеева.
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…