Куоракка сылгыны иитиэххэ сөп дуо?
Биир үтүө сарсыарда эрэдээксийэм сорудаҕынан сылгы сааскы төрүөҕүн туһунан суруйа сылгы баазатыгар айаннаатым. Сылгылаах киһини кытары болдьоһон, дьиэбиттэн кэлэн ылан барда, Дьокуускай куорат кытыытыгар Даркылаах туһаайыытынан айаннаатыбыт. Киһи кэпсэтэн билсэр диэбиккэ дылы, айаннаан иһэн билсибитим, олох даҕаны биир дойдулааҕым буолан таҕыста. Анатолий Сидоров Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөтүттэн төрүттээх эбит. Эдэр сылдьан хотунан-соҕуруунан тэлэһийэ сылдьан баран, Дьокуускай куоракка олохсуйан, быр-бааччы олорон, биэс оҕону төрөтөн, атаҕар туруорбут.
Сылгы баазата
Өр-өтөр буолбатыбыт, чаҕылхай күннээх, дьыбардаах сарсыарда массыынабыт Даркылааҕы ааһан, өрүс арыытынан Жатай диэки сырылатын тиийдэ. Хас даҕаны кэбиһиилээх от турар, ол аттыгар сылгы үөрэ аһыы сылдьар. Тохтооппутун кытары сылгылар үөрүйэх баҕайытык массыынаҕа тиийэн кэллилэр. Мин дьиэлээх-уоттаах, улахан баазаны көрөөрү гыммытым, арыый да атын буолан биэрдэ. Анатолий Алексеевич онуоха, манна дьиэ-уот туттар сэрэхтээх, хаамаайы, иһэр-аһыыр дьон ордууланыахтарын сөп, ол иһин маннык тэринэн олоробун диэн быһаарда. Хаһаайын сып-сап туттан, кыбыыга киирэн, атырдьаҕынан оту үөһэттэн тараахтаан аллараа муста. Мин оҕо сылдьан аҕабын кытары сылгылары аһатыһар үөрүйэхтээх буоламмын, от үрдүгэр тахсан, атырдьаҕынан оту субуйа тардан аллараа быраҕан көмөлөспүтэ буоллум. Ол кэннэ хаһаайын сылгылар сылдьар сирдэригэр отун эрээтинэн ыһан субурҕалатта. Сылгылар ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, хаһаайыннарын батыһа хаама сылдьан оту сиэн бардылар. Анатолий Алексеевич биир-биир сылгыларын туһунан кэпсиир: «Бу маҥан өҥнөөх сылгы үөрүн төрдө буолбут биэм, саамай кырдьаҕаһым, оттон бу кырасыабай харахтаах былырыын бастакынан төрөөбүтэ. Бу сиэлигэр лиэнтэлээх эдэрчи биэм күрүөйэх, ол иһин бэлиэлээх. От бытыгыраата даҕаны Тулагыга атын үөр атыырыгар баран хаалан эрэйдиир, ону ити лиэнтэтинэн билэн, тута биллэрэллэр. Оттон бу эриэнчэй, саахары сөбүлээн сиир. Сиэрдиҥи өҥнөөх ити атыырым, эдэрчи».
Сылгыны иитэргэ оҕом сирдээбитэ
Куорат сиргэ хайдах сылгыны иитэр санаа киирбитэй диэн ыйыппыппар, Анатолий Алексеевич, кыыһым 10-ча саастааҕар ат наада диэн турбута, оҕом ол баҕа санаатын толороору бастаан ииппитим диэн хап-сабар эппиэттиир. Арай биир күһүн кыыһын дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ илдьэ барбытыгар, тиийээт ат мииниэхпин баҕарабын диэн хаайбыт. Оччолорго кыыһа 2-с кылааска үөрэнэ сылдьар кэмэ эбит. Күһүн буолан аттаах дьон бары бултуу баран хаалбыттар, арай Миитэрэй оҕонньор кырдьаҕас ата эрэ баар эбит. Ону кэпсэтэн күн аайы харчыга уларсар буолбуттар. Ону Өргүөт оҕолоро бары сөҕөн эккирэтэ сылдьаллар эбит.
«Биһиги Мархаҕа олоробут, онно хаһаайыстыбаны тутар уустуктардаах. Түөрт уол кэнниттэн төрөөбүт мааны кыыспар анаан икки улаатан эрэр кулунчугу ылбытым. Кыыһым оскуолаттан кэлээт, дьиэтигэр даҕаны сылдьыбакка, сылгыларыгар ааһара. Тый буолбуттарын кэннэ, Үс Хатыҥҥа Неустроев диэн киһиэхэ көрдөрө биэрбитим. Атыырым эттээх-сииннээх, үчүгэй көрүҥнээҕэ, ону анараа сылгылар үөрдэриттэн көҥөнөн тоҕута тэбиэлээн кэбиһэллэрэ. Биирдэ куоттараннар, маска атаҕын дьөлө астаран кэбиспиттэрэ. Оччолорго сылгыны хайдах иитэри, эмтиири соччо билбэт этим. Атым атаҕа сөллөччү иһэн хаалбыт, хамсаппат этэ, көрө сылдьар киһим туһата суох диэн, өлөрөргө күһэллибитим. Онон биэм соҕотох хаалбыта. Иитэр буолан баран элбэҕи иитиэххэ наада диэммин, Неустроевтан сыл аайы биирдии-иккилии сылгыны атыылаһан истим. Аны кыыһым ат миинэбин диэн турда. Инньэ гынан ипподромҥа тиийэн, өлүөхүмэлэр сүүрүүк аттара атаҕын өлөрөн турарын, ону атыыластым. Олус сымнаҕас, сиргэммэт, доҕолоҥнуур эрэ. Атаҕын бэтэринээргэ көрдөрөн эмтэттим, кыыһым үөрэҕин кэнниттэн үргүлдьү баран, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ат үрдүгэр сылдьар буолла. Хаһыс да сылыгар кыыһым улаатта, эксээмэннэрэ эҥин саҕаланнылар, бириэмэтэ суох буолан барда, атын мииммэт буолан, ипподроммар тиийэн төттөрү эппиппин, атыҥ сиппит-хоппут, төттөрү аҕал диэтилэр. Онон төннөрдүм.
Сылгыны үөрдээн иитии – Саха сирин ураты киэн туттуута, төрүт үгэстэригэр олоҕурбут баайа-дуола. Саха норуотун материальнай уонна духуобунай култуурата Дьөһөгөй оҕотун кытары ыкса ситимнээх. Онон өссө 1998 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы туһунан туспа сокуон ылыллыбыта, онтон 2003 сыллаахха саҥардыллыбыта.
Удьуор утума
Киһим от быраҕаттыырын батыһа сылдьан, төрүттэригэр сылгыһыттар баалларын-суохтарын, ынах сүөһүнү тоҕо ииппэттэрин токкоолоһобун.
Онуоха ийэтэ Аграфена Антоновна Сидорова үйэтин тухары ыанньыксыттаабытын, Өргүөт бочуоттаах олохтооҕо, Коммунистическай үлэ туйгуна этэ диэн киэн тутта кэпсээтэ.
«Ийэбин утумнаабыппын быһыылаах дии саныыбын. Ынах сүөһүнү куорат сиргэ тутар олус ыарахан, ол иһин сылгыны иитиинэн дьарыктанабын. Улахан уолум куорат оҕото эрээри, ынахта ылыахха диэн сордуура. Сүөһүнү тутар олус ороскуоттаах, ыарахан диэн быһаарбытым кэннэ, дьэ тохтообута. Биэс оҕобуттан улахан уолум сүөһүгэ, оттон кыыһым сылгыга тардыһаллар. Билигин кыыһым улаатан үөрэнэн, Санкт-Петербурга олорор. Онно даҕаны сылгы баазаларыгар сылдьан аты миинэр. Онон биһиги ынах сүөһүгэ, сылгыга сыстаҕаспыт хааммытыгар баар дии саныыбын», – диэн кэпсиир кырдьаҕас сылгыһыт.
Сир тиийбэт кыһалҕата
Анатолий Сидоров куорат сиригэр сылгыны ииппитэ уонтан тахса сыл буолбут. Аны хаһаайыстыбалаах буоллахха, от-мас, сир-уот наадата биллэр. Кини бастаан 25 га эрэ сирдээх этим, туруорсан, сүүрэн-көтөн эбии 25 ганы ылбытын этэр.
«Бу мин аттыбар хаһаайыстыбалаах киһи 70 ганы ылан олорор, оҕуруот аһын үүннэрэр уонна ынах сүөһүнү иитэр. Бу киһи сирдээх эрээри, онтун арыандаҕа биэрэн баран, отун атыылаһар. Урут сири олох биэрбэттэр этэ, ону хаста эмэ төхтүрүйэн көрдөһөн, туруорсан ылбытым. Аны Жатай өттүттэн ол сирбин биир хаһаайыстабылаах киһи быһа баттаан ылан, билигин 35-40-ча га сирдээхпин. Дьиҥэ хаһаайыстыбаны кэҥэтиэххэ сөп эрээри, куорат усулуобуйатыгар сир-уот тиийбэтиттэн кыаллыбат. Үөһээ бырааттыы Макаровтар хастыы даҕаны үөрү тутан олороллор. Сылгыны иитэр дьон син бары бэйэ-бэйэбитин билсэн, көмөлөһөн, өйөһөн сылдьабыт. Билигин саҥа киһи куорат усулуобуйатыгар сылгыны тутара уустук буолуо, тоҕо диэтэххэ сир суох. Бу биһиги сүөһүнү-сылгыны уруккуттан иитээччилэр эрэ сылдьабыт», – диэн Анатолий Алексеевич кэпсиир.
2016 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын туһунан» дьоһуннаах докумуоҥҥа илии баттаммыта, онно сөп түбэһиннэрэн, сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр.
Куорат сылгылара фрукта сииллэр
Сыл аайы оттоон, эбии аһылык биэрэн, сылгылар кыстыгы этэҥҥэ туорууллар эбит. Онуоха оттууругар анаан тыраахтар ылбыт, уолаттара кэлэн көмөлөһөн, сайын халлаан туран биэрдэҕинэ, ый аҥаара сылы тахсар оту оттуулларын кэпсиир. Куорат сылгыһыта, элбэх сылгыны иитиэххэ сөп, ол эрээри сир тиийбэт, аны туран куорат атта буолан, күһүн булчуттар туртас диэн ытыалыыр да түгэннэрэ элбэҕин этэр. Кини сылгылара от бытыгыраата даҕаны, Үс Хатыҥынан киирэн мыраан анныгар, Тулагы, Сыырдаах эҥээр бараллар эбит. Үгүстүк куорат киинигэр сылгы үөрэ сылдьарын көрбүт буоламмын, оччоҕо Дьокуускайга эн сылгыларыҥ сылдьаллар дуо диэн ыйытабын. «Миэннэрэ Кангалаас уонна куорат диэки барбаттар, атыырдара бэйэтэ туспа сылдьар суоллаах. Эппитим курдук, сайынын Тулагы, Сыырдаах, Үс Хатыҥ эҥээринэн сылдьаллар, кыһынын бу сирдэригэр төттөрү кэлэллэр. Саас манна төрүүллэрин саҕана, оҕуруот аһынан эргинэр дьонтон буортуйаары гыммыт фрукта, банаан, дьаабылыка, хаппыыста, сүбүөкүлэ атыылаһан сиэтэбин. Урут тоҥмуту босхо биэрэллэрэ, кэнники сылларга атыылыыллар. Биэс-алта сыллааҕыта биир массыына банааны сиэппитим. Бастаан олох сиэбэттэр этэ, ону эбиэскэ булкуйан сылытан сиэтэрим, онтон үөрэнэн билигин сииллэр. Биир-икки биэ сиэтэ даҕаны бары сииллэр. Эбиэһи атыырга эрэ сиэтэбин», – диэн кэпсиир Анатолий Алексеевич.
Тохсунньуттан төрүөхтэригэр диэри эбии аһатарын, ол иһин туруктара үчүгэй буолан төрүөҕү биэрэллэрин, биэлэрэ сыл аайы бары ууланалларын уонна төрүүллэрин этэр. Оччоҕо биир-икки биэни ыыр эбит. Мин сылдьар кэммэр биир да биэ төрүү илик буолан, кулунчук суоҕа. Биэлэр муус устар саҥатыгар төрүүллэрэ сабаҕаланар эбит. Оттон мин аргыһым от ыһан бүтэрин кэтэһэ таарыйа, биэлэргэ паачкалаах саахары сиэттим. Куорат сылгылара абыраммыт даҕаны сылгылар, фруктанан, минньигэһинэн эрэ аһылыктаналлар эбит дии-дии, куоратым диэки айаннаатым.
Саха сиригэр сыл аайы сылгы төбөтүн ахсаана ааспыт биэс сылы көрдөххө: 2019 с. – 183043, 2020 с. – 182766, 2021 с. – 182653, 2022 с. – 181052, 2023 с. 178856.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: