Быйыл Дьокуускай куораппыт төрүттэммитэ 392 сыла туолар. Сыл ахсын куорат күнэ балаҕан ыйын иккис өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр түбэһэр. Бэлиэ бырааһынньыгы көрсө тэрээһиннэр саҕаланнылар. Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, туох ыытыллар эбитий?
Куорат күнүгэр былааннаммыт тэрээһиннэр устуоруйаҕа, култуураҕа патриоттуу тыыҥҥа иитэр, сирдиир, үөрэтэр-биллэрэр хабааннаахтар.
12.00–16.00 ч. — А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Чэгиэн Дьокуускай” (“Здоровый Якутск”) дьаарбаҥка күүтэр. Поярков аатынан уулусса 4-с нүөмэрэ.
14.15 ч. — Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куорат ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин кытта көрсүһүөҕэ. Буолар сирэ – Куорат уокуругун дьаһалтатын дьиэтэ, аччыгый саалата.
17.00 ч. — Дьолунан тосхойор Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар анаммыт үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллар уопсастыбаннас мунньаҕа тэриллиэ. Буолар сирэ – Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата.
Судаарыстыбаннай Дуума Үпкэ кэмитиэтин баһылыга Анатолий Аксаков нэһилиэнньэҕэ туһаттан тахсыбыт бытархай харчыны оҥорон таһаарыыны тохтоторго…
Арассыыйаҕа оҕо уһуйааннарынан уонна оскуолаларынан саҥа Коксаки вирус тарҕаммыт түбэлтэлэрэ регистрацияланна. Москва уонна Владимирскай уобаластарга,…
Дьокуускайга Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков алта оскуола үөрэнээччитигэр…
Саха сирин туристарын бөлөҕө историяҕа аан бастакытын Болливуд сулуһа, актер Теджа Саджа оонньуур Индия блокбастерын…
Бүгүн Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, Фашизмы утары II пуорум чэрчитинэн П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Норуот сомоҕолоһуутун…
Бу күннэргэ Осетия Владикавказ куоратыгар «Алтын Майдан-Алания» норуоттар икки ардыларынааҕы инклюзивнай бэстибээлгэ Модут нэһилиэгин «Ситим»…