Салгыы
Куорат пааркатыгар ыал буолуу сиэрин-туомун толоруохтара

Куорат пааркатыгар ыал буолуу сиэрин-туомун толоруохтара

08.11.2024, 16:15
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Билигин Дьокуускайга  хас да сиргэ ыал буолуу сиэрин-туомун толоруохха сөп. ЗАГС дьиэтигэр эрэ буолбакка, пааркаҕа, саҥардыллыбыт Ленин болуоссатыгар, култуура, сынньалаҥ пааркатыгар, маны таһынан, «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа эмиэ оҥоруохха сөп. Бу туһунан ЗАГС управлениета иһитиннэрэр.

Куорат пааркатыгар ыал буолуу сиэрин-туомун толоруу туһунан сөбүлэһиигэ ЗАГС управлениета, урбаан, атыы-эргиэн, туризм министиэристибэтэ уонна Дьокуускай куорат дьаһалтата илии баттастылар.

Ыллыҥ да, ханна таптаабыт сиргэр ЗАГС үлэһиттэрин ыҥыран, ыал буолуу сиэрин-туомун толорторбоккун. Анал докумуон, көҥүл наада. Оттон бу докумуоҥҥа куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев, урбаан, эргиэн, туризм миниистирин эбээһинэһин толорооччу Мария Карпова уонна ЗАГС управлениетын салайааччы Дария Слепцова илии баттаатылар.

Сөбүлэһии ыал буолуу сиэрин-туомун толорорго кэрэ-бэлиэ сиргэ үөрүүлээх быһыыны-майгыны олохтуурга көмөлөһөр сыаллаах. Бу судаарыстыбаннай өҥөнү дьоҥҥо өссө ордук табыгастаах оҥорорго кыһаллаллар. Дьиэ кэргэн сылыгар саҥа ыал буолааччыларга өссө биир бэлэх буолла.

Пааркаҕа уруккуттан да сыбаайбалыыр пааралар кэлэн күүлэйдээччилэр, хаартыскаҕа түһээччилэр.  Билигин өссө ыал буолуу сиэрин-туомун оҥоруохха сөп буолла. Манна таптал беседкэлэрэ, ыскамыайкалара бааллар. Куорат паарката өрөмүөннэниэхтээх, уларыйыахтаах, оччоҕо сынньанарга, күүлэйдииргэ өссө үчүгэй, табыгастаах буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: