Куорат сөтүөлүүр сирин 203-с түөлбэҕэ диэри кэҥэтиэхтэрэ

Share

Быйыл Дьокуускай куорат сөтүөлүүр сирэ (пляһа) оҥоһуллан, тупсан турар. Кэлэр сылга 202-с түөлбэҕэ баар сөтүөлүүр сири 203-с түөлбэ бүтэр муннугар тиийэ эбии оҥоруохтара, кыһынын кумах аҕалан, өрүс кытылыгар кутуохтара. Бу туһунан куорат мээрэ «Россия 24» ханаалга быһа эпииргэ кэпсээтэ. 

203-с түөлбэ диэкинэн өрүс кытыла таастаах. Ол да үрдүнэн, олохтоохтор киирэн сөтүөлүүллэр. Кумах кутулуннаҕына, анал сөтүөлүүр сир оҥоһулуннаҕына, бэрт буолуо этэ.

— Куорат пляһын биһиги «Парустар» диэн дьиэлэргэ диэри уһатыахпыт, өссө Роман Дмитриев аатынан кытыл уулуссатын өттүнэн — оҥочо ыстаансыйатыгар тиийэ кэҥэтиэхпит. Кыһыҥҥыттан кумах аҕалан, кытылга кутуохпут. Сыыйа күрүөлээн, харабыллар үлэлииллэрин ситиһиэхпит, — диэн Евгений Григорьев кэпсээтэ диэн СИА суруйар.

Быйылгы стөлүөлүү кэм саҕалана илик, уу тымныы эрээри, эрдэлээн, уора-көстө сөтүөлүүр дьон көстөллөр. Билигин «хара уу» кэлэн, өрүс туолан турар.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Уус Алдаҥҥа икки оҕолоох тайаҕы көрдүлэр

Уус Алдан улууһугар Бороҕон -- Танда суолунан айаннаан иһэр дьон икки оҕолоох тайаҕы көрдүлэр. Ыҥаахтар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Кэнчээрилэр» лааҕырдара — оҕолор сөбүлүүр лааҕырдара (ВИДЕО)

Уус Алдаҥҥа  РФ үтүөлээх уонна образцовай кэлэктиибэ, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата "Кэнчээри" оҕо ырыа-үҥкүү норуодунай…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Туймаада ыһыаҕар кумааҕы харчыны илдьэ сылдьыҥ»

Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Туймаада ыһыаҕа буолаары турар. Ыһыахха бэлэмнэнии туһунан Дьокуускай куорат аҕа баһылыга…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бильярдка оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ күрэхтэстилэр

Бильярды таптааччылар ахсааннара элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Күрэхтэһиигэ оҕотуттан ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ, оннооҕор Москваттан кытары кэлэн…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тулалыыр айылҕаҕа сыһыан

Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөрэххэ туттарсааччыларга аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ буолуоҕа

Абитуриеннарга, кинилэр төрөппүттэригэр анаан быйыл орто анал үөрэххэ туттарсыыга уонна тус сыаллаах үөрэххэ аналлаах “Учись…

6 часов ago