Куорат табыгастаах эйгэтин оҥоруу күрэҕэр Саха сириттэн 5 сайаапка биһирэннэ
27.07.2023, 12:00
"Табыгастаах эйгэ" күрэх кыайыылааҕа, Ньурба куоракка Бүлүү өрүс кытыла. Хаартыска ааптара Егор Карпов
Бөлөххө киир:
Уһук Илиҥҥэ баар эрэгийиэннэр икки ардыларыгар «Куорат табыгастаах эйгэтин” оҥоруу бырайыактарын иккис күрэҕэр Саха сириттэн 5 сайаапка кыайыылааҕынан ааттанна.
Бу бырайыактары олоххо киллэриигэ Арассыыйа Тутууга министиэристибэтиттэн 600 мөл. солк. үп көрүллүөҕэ. Саха сирэ маннык күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттар, мэлдьи ситиһиилэнэр. Ол курдук, биэс сыл иһигэр бүтүн Арассыыйатааҕы табыгастаах эйгэҕэ сыһыаннаах күрэхтэргэ Саха сириттэн кыттыбыт 11 сайаапка кыайбыта. Бу кыайыылар түмүктэринэн эрэгийиэҥҥэ 625 мөл. солк. үп федеральнай бүддьүөттэн киирбитэ.
Быйыл ситиһиилээх сыл буолла – 14 сайаапкаттан биэһэ эспиэртэр хамыыһыйаларын биһирэбилин ылла.
Бу туһунан сиһилии “Ленскэй кулууп” саайтыгар ааҕыаххытын сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: