Куорат төрөппүттэрин бассаап* бөлөхтөрө чахчы сабыллар дуо?

Share

Бүгүн социальнай ситимнэринэн муус устар 1 күнүттэн оскуолалар уонна төрөппүттэр бассаап (признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)* бөлөхтөрүн сабыахтарын сөп, ол эбэтэр “Сферум” платформаҕа эбэтэр ВК социальнай ситимҥэ эрэ сэлэһиэхтэрин сөп үһү диэн иһитиннэрии тарҕанна.

Тугун-ханныгын билээри “Оҕо саас сирдьиттэрэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин (центр “Навигаторы детства”) салайааччыта Ньургуйаана Макароваттан туоһуластым.

— Билигин сыыйа “Сферум” үөрэх иһитиннэрэр-коммуникационнай платформаҕа, ВКонтакте социальнай ситимҥэ көһүү бара турар. Биһиги онон иитэр үлэни күүһүрдэр соруктаах төрөппүт чааттарын тэрийэбит. Ол чааттары оскуолаларга баар дириэктэр сүбэһиттэрэ иилииллэр-саҕалыыллар. Күн бүгүн 598 оскуолаҕа сүбэһит баар, ол аата өрөспүүбүлүкэ оскуолатын 94% хабар. Хас биирдии чаакка төрөппүттэргэ аналлаах араас туһалаах сигэлэри ыыталыыбыт. Холобур, төрөппүт оҕотун лааҕырга хайдах сурутарыгар, ханнык бырайыактарга кытыннарыахха, оҕону атаҕастыыр түгэннэригэр хайдах дьаһаныахха сөбүн туһунан, уо.д.а. сүбэлэри биэрэллэр. Эрэгийиэн сонуннарын таһынан улуус, оскуола иһитиннэриилэрин ыыталыыллар, бэйэлэрин үлэлэрин сырдаталлар. Биһиги чааттарбыт төрөппүккэ интэриэһинэй, туһалаах буолуохтаахтар, кини онтон билиитэ-көрүүтэ хаҥыахтаах. Ити бөлөхтөргө оҕото үүнүөн-сайдыан, оҕотун олоҕо сэргэх буолуон баҕарар төрөппүттэр бары киирэллэр. Төрөппүт барыта олоччу киириэхтээх диэн модьуйбаппыт. Дьиҥэр, көхтөөх төрөппүттэр да киирдэхтэринэ сөп курдук. Күн бүгүн Саха сирин улуустарыгар барытыгар тэриллэн турар, куораттар арыый хойутуу киирэн эрэллэр.

Бассаап бөлөх хос-хос буолар диэтэххитинэ олоччу “Сферумҥа”, ВК  эбэтэр Телеграм социальнай ситимнэргэ көһүөххүтүн сөп. Биһиги хас биирдии сүбэһит чаты тэрийиэхтээх диэн сорук туруорабыт, — диэн быһаарда.

Салайааччы быһаарыытын кэнниттэн, тус бэйэм, “ууга-уокка” түһэр ирдэммэт эбит диэн түмүккэ кэллим. Арассыыйа арҕаа, тас дойдулартан тутулуктанымаары, оннооҕор олохтоох оҥорон таһаарыыны күүһүрдэр үлэни ыытар. Онон сылыктаатахха, тас дойдулар социальнай ситимнэрэ, мессенждердара даҕаны сыыйа сабыллыахтара, дойду онно бэлэмнэнэн олохтоох ситимнэри тэрийэр. Таарыйа төрөппүтү кытта хардарыта санаа атастаһар, иһитиннэриини быһаччы тириэрдэр суолун биир көрүҥэ. Олохтоох чааттар соруктарын сөпкө толордохторуна чахчы туһалаах буолар чинчилээх эбит.

Социальнай ситимтэн.

*Принадлежит компании Metа, которая признана в России экстремистской организацией и запрещена.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түһүөҕэ.…

8 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago