Куорат тиэргэннэрэ саҥалыы тутуллаллар (Фоторепортаж)
Бу саас “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” диэн ааттаах федеральнай бырайыак үлэҕэ киирбитэ. Бырайыакка 2022 сыл иһигэр Саха сирин үрдүнэн 37 муниципальнай тэриллиигэ 124 эбийиэк тупсарыыта хапсыбыта, олортон 75 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрэ Дьокуускайга оҥоһуллуохтаах этилэр. Бүгүн сарсыардааҥҥы дьаарбайар ыллыгым чугаһынан сытар бырагыраамаҕа киирбит үс тиэргэн хайдах туруктаах туралларын көрөн, хаартыскаҕа түһэрэн аастым.
Бастакы өҥөйбүт тиэргэним Крупская аатынан уулусса 21 уонна 23 нүөмэрдээх дьиэлэр икки ардыларыгар сытар эбит. Олохтоох киһиттэн туоһуласпытым, “сайын аҥаарыттан саҕалаан бу куорат күнүгэр түмүктээтилэр” диэн кэпсээтэ. Кырдьык, сабыс саҥа тутуулар – спордунан дьарыктанар сир, оҕо оонньуур былаһаакката, бөҕө-таҕа ыскамыайкалар, бөх ууруналара өлбөөдүйэ да иликтэр. Ийэлэр оҕолорун күүлэйдэтэ сылдьаллар. Тутуу пааспар дьиэ эркиниттэн көтүллэ илик.
Чугастыы сытар Каладаришвили уулуссата 1 аадырыска тиийбитим – кубус-кураанах. Дьиҥэр, арыый атыннык эмиэ этиэххэ сөп – ып-ыраас. Тиэргэҥҥэ сүрүн тутуу барыан иннинээҕи ыраастааһын үлэтэ ыытыллыбыт, “кырдьаҕас” дьиэ таһыгар үгэс курдук мунньуллар бөх-сах, гараас, кыладыапка суох оҥоһуллубут, саҥа гравий кутуллубут. Оҕо былаһаакката тутуллуохтаах сирэ сиэмэнинэн кутуллубут, олбуордаммыт. Урукку тутуулар элээмэлэрин оробуочайдар тиэйэ сылдьаллар.
Үһүс аадырыһым – Каладаришвили 23/1. Манна тиэргэн саҥатытыыта хас да ый анараа өттүгэр ааспыта көстөр. Тутуллубут тренажердар, ыскамыайкалар көхтөөхтүк туһаныллалара көстөр – эргэ да буолбатар, син “олоҕу олорбут” көрүҥнээхтэр. Уопсайынан бу тиэргэн уруккуттан көрүүлээҕэ-истиилээҕэ харахха быраҕыллар, туора массыына киирбэтин курдук шлагбаум тардыллыбыт, дьиэ тула күөх мас олордуллубут, бэлэсипиэт туруорар сир баар, бөх кутар ууруналар тураллар.
Түмүктээн эттэххэ үлэ бара турара, дьон күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа тупсан иһэрэ көстөр.
Егор Карпов, «Саха сирэ»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: