Куораттар тупсаллар, киэркэйэллэр
Быйыл Саха сирин оройуоннарыгар “Аныгы куорат эйгэтин тэрийии” бырагыраама чэрчитинэн, уопсайа уопсастыбаннай 21 эбийиэк тутуллуоҕа эбэтэр саҥаттан тупсарыллыахтара. СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куорат тутуутун былаанныыр (градостроительство) управлениетыттан билигин ханна, туох оҥоһулла турарын туһунан ыйыталастыбыт.
Ытык Күөлгэ саҥа паарка
Таатта улууһун киинигэр, Ытык Күөлгэ, быйыл Ф. М. Охлопков аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатын тупсарыахтара. Билиҥҥитэ бу паарка сиригэр-уотугар туох даҕаны суох, 2025 сылга ыытыллар Манчаары оонньууларыгар саҥаттан тутуллуохтаах эргэ стадион эрэ турар.
Саҥа паарка бырайыагын “Градо” хампаанньа салайааччыта Иван Кычкин уонна Кыыдаана Игнатьева оҥорбуттар. Бырайыак чэрчитинэн паарка икки зоналаах буолуоҕа — спортивнай уонна сынньалаҥ. Манна сылы эргиччи үлэлиир көрөр-истэр (смотровой) былаһааккалаах, сценалаах, мангальнай зоналаах, кафелаах павильон тутуллуоҕа. Ону таһынан, атыы-эргиэн сирэ, “Таатта” диэн суруктаах арт-эбийиэк, бэлэсипиэт тэбээччилэр суоллара, тротуардар, олорор сирдэр, уот-күөс уо. д.а эбийиэктэр оҥоһуллуохтара.
Паарка логотиба уонна фирменнэй истиилэ — үрүҥ туллук. Кэрэ көтөр Таатта улууһун олохтоохторун ыраас сүрэхтэрин уонна поэтическай дууһаларын көрдөрөр. Логотип А. И. Софронов — Алампа “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” диэн хоһоонугар олоҕуран оҥоһуллубут. Бу айымньыга суруйааччы көтөр кэрэтин, ырааһын бэлиэтиир, доҕорунан ааттыыр.
Бэлиэтээн этэххэ, 2023 сылга Ытык Күөлгэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырагырааманан өссө Ойуунускай аатынан уулуссаҕа баар тиэргэн тупсарыллыаҕа. Ону таһынан, СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куорат тутуутун былаанныыр управлениета Манчаары оонньууларыгар тутуллуохтаах эбийиэктэр бырайыактарын оҥордо. Ол иһигэр, успуорт киинэ, саҥа лиссиэй уонна стадион хапсаллар.
Томмокко “Укулан” сынньалаҥ сирэ-уота
Томмот куоракка “Укулан” диэн ааттаах сынньалаҥ сирин-уотун тутуу саҕаланна. Бырайыак сэттис Арассыыйатааҕы кыра куораттарга уонна историческай сэлиэнньэлэргэ тупсаҕай эйгэни тэрийии куонкуруһун кыайыылааҕа буолар.
Саҥа эбийиэк куорат киинигэр, Алдан өрүс уҥа уонна хаҥас биэрэктэригэр Федор Колесников аатынан уулусса 20‑гэр тутуллар. Уопсай иэнэ — 44,6 кв. миэтэрэ. Бу сир эрдэ көрүүтэ-истиитэ суох турбута.
Бырайыак чэрчитинэн, манна оҕолор оонньуур сирдэрэ, воркаут зоната, ыттары күүлэйдэтэр уонна үөрэтэр эбийиэктэр, атыы-эргиэн былаһааккалара, сцена уонна элбэх киһилээх тэрээһиннэри ыытар зона баар буолуоҕа.
Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын мусуойа аһыллыаҕа. Мусуой “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа көҕүлээһининэн Алдан оройуонун бырамыысыланнас тэрилтэлэрин устуоруйатыгар уонна Саха сирин 100 сылыгар ананан тутуллуоҕа.
Билиҥҥитэ эбийиэги тутуу кэмигэр баран иһэр. Үлэһиттэр сатыы киһи сылдьар суолларын уонна оонньуур, спортивнай зоналары оҥоро сылдьаллар.
Ойуунускай аатынан уулусса
Ленскэй куорат Былатыан Ойуунускай аатынан уулуссатын бырайыага 2021 сылга оҥоһуллан, куонкуруска иккитэ кыттан быйыл кыайыыны ылла. Бу бырайыак оҥоһуллуутугар 12 тыһ. тахса куорат олохтооҕо кыттыыны ылла.
Дьон этэринэн, билигин куорат эйгэтэ кини баай устуоруйатын уонна култууратын үчүгэйдик көрдөрбөт. 2001 сыллааҕы халаан кэнниттэн сүрүн уопсастыбаннай дьиэлэр алдьаммыттара уонна уһулуччулаах көстүүлэрин сүтэрбиттэрэ диэн бэлиэтииллэр. Саҥа уулуссаҕа суруйааччы Былатыан Ойуунускай айар үлэтин туһунан уоттаах-күөстээх инсталляциялар уонна мураллар кэпсиэхтэрэ. Онтон истиэндэлэр, кыра архитектурнай пуормалар уонна арт-эбийиэктэр өрөспүүбүлүкэ уонна Ленскэй култууратын уонна устуоруйатын сырдатыахтара. Холобур, оҕолор оонньуур былаһааккалара сахалыы остуоруйалары уонна кэпсээннэри көрдөрүөҕэ.
Уулусса тупсарыллыыта икки түһүмэхтээх. Быйыл Набережнайтан “Юность” култуура дьиэтигэр диэри, онтон салгыы 2 №-дээх оскуолаҕа диэри оҥоһуллуоҕа. Манна сатыы уонна бэлэсипиэтинэн сылдьар суоллар, ыччат сынньанар сирэ, сквердэр, оҕолор оонньуур былаһааккалара тутуллуохтара. Уулусса сүрүн эбийиэгинэн Лена кытыла (набережнай) буолуоҕа. Амфитеатр сценалаах, көрөргө-истэргэ аналлаах былаһааккалаах, “Ворота алмазного края” диэн арт-эбийиэктээх уонна кафелаах саҥа сынньанар киин оҥоһуллуоҕа.
Өлүөхүмэ пааркатын саҥалыы
Өлүөхүмэ куоратын паарката сэбиэскэй кэмҥэ куорат сүрүн сынньалаҥ киининэн буолара. Онтон 1990, 2000 сылларга алдьанан, эргэрэн билигин быраҕыллан турар. Паарканы чөлүгэр түһэрэргэ куорат олохтоохторо бырайыак оҥорон куонкуруска кыттан кыайдылар.
Ол курдук, пааркаҕа киирэр ааҥҥа уруккуттан турбут уһун мас боруотаны чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Тиэргэҥҥэ сатыы уонна бэлэсипиэтинэн сылдьар суоллар, ат быһыылаах, кутуругунан сырылыыр горкалаах уонна төбөтүгэр көрөргө-истэргэ аналлаах былаһааккалаах, арт-эбийиэктээх оҕолор оонньуур сирдэрэ баар буолуоҕа.
Ону таһынан спортивнай зона, “Эко-тропа”, атыы-эргиэн былаһааккалара уо. д.а. эбийиэктэр тутуллуохтара.
Паарка куорат саамай күөх, элбэх үүнээйилээх сиринэн- уотунан буолар. Манна ньургуһун, сэппэрээк хото үүнэр, онон бырайыакка элбэхтик хара саарыл дьүһүн туһанылынна. Эбийиэк логотиба уонна фирменнэй истиилэ — орнамент-харыйа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: