Үөрэх тэрилтэлэригэр куор ыарыытын сэрэтэр инниттэн, куору утары быһыыны ылбатах оҕолор, үлэһиттэр муус устар 22 күнүттэн үөрэхтэн, үлэттэн быстах кэмҥэ тохтотуллаллар. Туһааннаах бирикээскэ Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Мария Петрова 2024 сыл муус устар 17 күнүгэр илии баттаата.
“Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурукка бэҕэһээ санитарнай-противоэпидемиологическай хамыыһыйа мунньаҕа буолан ааспыт. Ол түмүгүнэн “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурукка Сэрэтэр быһыы национальнай халандаарынан куор утары быһыыны ылбатах уонна быһыы туһунан сибэдиэнньэтэ суох оҕолору дьарыктаан, үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэрин үлэттэн быстах кэмҥэ тохтоторго диэн суруллар. Оҕолор, үлэһиттэр эрдэ куорунан ыалдьа сылдьыбыттара мэдиссиинэ докумуонугар бэлиэтэммит, хааннарыгар куорга G иммуноглобулин баара лабаратыарыйа чинчийиитин түмүгүнэн бигэргэтиллиэхтээх. Бу суох түгэнигэр 2024 сыл муус устар 22 күнүттэн үөрэхтэн, эбии дьарыктан, үлэттэн быстах кэмҥэ тохтотуллаллар.
Тугун-ханныгын билээри Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ салаатын начаалынньыга Людмила Николаева: “Бэҕэһээ санитарнай противоэпидемиологическай хамыыһыйа мунньаҕа буолбута. Бэҕэһээҥҥи туругунан, оскуолаларга куорунан ыалдьыбыттарын туһунан биһиэхэ туох да иһитиннэрии киирэ илик. Үөрэнээччи 5,8 бырыһыана ОРВИ-нан ыалдьа сылдьар, ону таһынан, биирдиилээн салгын уоспатынан (ветрянкалаах) ыалдьыбыт оҕолор бааллара биллэр. Хамыыһыйа мунньахха дьүүллэһэн баран, куор ыарыыта тарҕанарын сэрэтэр инниттэн, куору утары быһыыны ылбатах оҕолору, үлэһиттэри быстах кэмҥэ дьарыктан тохтоторго быһаарда. Лабаратыарыйа чинчийиитин оҥорторон бэрэбиэркэлээн баран, хааннарыгар иммуноглобулин G баар буоллаҕына үлэлэригэр тахсаллар”, — диэн эттэ.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…