Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр – 2

Share

Биһиги ааспыт нүөмэргэ түөрт оҕолоох эдэр ыал кыһалҕаларын, суобаһа суох тутааччы туһунан сиһилии суруйбуппут. Хара түүнүк буолбут түннүктээх кыракый хоско киһилии олорор усулуобуйа суоҕуттан, эһээхэй оҕолоро ыалдьан билигин ийэтин кытта балыыһаҕа сытар.

Эспэртиисэ түмүгэ

Ааспыкка Даниловтар дьиэ кэргэни кытта кэпсэтэрбэр, кинилэр «Килбиэнстрой» туппут дьиэ көҥдөйүн эспэртиисэтин түмүгүн күүтэллэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ эспэртиисэ түмүгүнэн,  тутуу сыыһалардаа­ҕа биллибит. Ол курдук, эргэ матырыйаалтан (урут туттулла сылдьыбыт), ону таһынан, хаачыстыбата суох тутуу үлэтэ ыытыллыбыт диэн быһаарбыт. Бу сыыһалары туоратыы уопсай суумата 190 тыһ. солк. тэҥнэспит. Онон Егор Куприянов ситэ туппатах дьиэтин төлөбүрүгэр эбии 190 тыһ. солк. төннөрүөхтээх буолан тахсар. Оттон Уһук Илин ипотека сууматын биэрбит баан Даниловтарга, суут быһаарыытын аҕаллаххытына, ыстараап болдьоҕун сыҕарытан биэриэхпит диэбиттэр. «Килбиэнстрой» тэрилтэ сала­йааччыта Егор Куприянов эдэр ыалы кытта сибээстэс­пэтэҕэ ырааппыт. Куруук «кэлэр нэдиэ­лэҕэ» диэн эрэннэрэ сылдьыбыт тыла сымы­йаттан атын буолбатах. Ити кэнниттэн төһөлөөх элбэх нэдиэлэлэр, ыйдар солбуһан аастылар?

Дмитрий Демешинниин көрсүһүү

РФ генеральнай бороку­руорун солбуйааччы Дмитрий Демешин биһиги эрэгийиэммитигэр оробуочай сырыытыгар Аллараа Бэстээххэ кыһалҕалаах дьону кытта көрсөн кэпсэппитэ. Бу тэрээһиҥҥэ  Ил Дархан Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Попов, минис­тиэристибэ салайааччылара, быраабы араҥаччылыыр уорганнар салайааччылара кыттыыны ылбыттара. Дмитрий Демешини кытта сирэй көрсөн кэпсэтэ кэлбит дьон үгүстэрэ социальнай кыһалҕалаахтара. Ол курдук,  олунньу 1  күнүгэр Даниловтар дьиэ кэргэн аҕалара Владислав бу көрсүһүүгэ тиийэн кыһалҕатын этиммитэ. Бу туһунан кинилэр санааларын үллэстэллэр:

– Биһиги Дмитрий Деме­шин кэлбитин уонна дьону-­сэргэни кытта биирдиилээн тус көрсүһүү тэрийэрин  истэн олус үөрбүппүт. Хайдах эрэ эрэл кыыма үөскээбитэ. Аҕабыт киирэн кыһалҕатын, буолбут балаһыанньаны кэпсээ­битин Дмитрий Демешин болҕойон  истибит уонна биһиги боппуруоспутун хонтуруолга ыларга, ону сэргэ бэдэрээтчити ыҥыран ылан кэпсэтэргэ Дьокуускай куорат аҕа баһылыгар Евгений Григорьевка уонна өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар сорудахтаабыт. Ону таһынан, «Килбиэнстрой» тэрилтэ биһиги харчыбытын ханна гыммытын бэрэбиэркэлээҥ диэн эппит этэ. Биһиги, эмсэҕэлээбит үс ыал, сүбэлэһэн баран 2 №-дээх полиция салаатыгар тиийэн хо­­луобунай дьыала тэрийиҥ диэн сайабылыанньа суруйбуппут. Полиция дьуһуурунайыттан саҕалаан,  бу холуобунай дьыала буолбат дииллэр. Дьыала ис дьиҥин да билэ сатаабакка, итинник дииллэрэ сыыһа дии саныыбын. Биһиэхэ “Алаас” тутуу фирматыттан  эмсэ­ҕэлээбит киһи сибээскэ тахса сылдьыбыта. Кинилэр үҥсүбүттэригэр, «Алаас» тутуу тэрилтэҕэ түөкүннээһин диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит. Онтон боломуочуйаны туһаныы диэҥҥэ уларытыллыбыт. Оччотугар тоҕо түөкүннээбит, биһигини албыннаабыт «Килбиэнстрой» тэрилтэҕэ холуобунай дьыала тэриллибэтий?

Суобаһа суох дьонтон оҕолор эмсэҕэлииллэр

Арай  чиэһинэй, суобастаах тутааччыга түбэспиттэрэ буоллар, түөрт оҕолоох Даниловтар билигин ньир-бааччы чааһынай дьиэлэригэр олорбуттара үһүс сыллара буолуохтааҕа. Ону баара, сииктээх, хара түүнүктээх  кыараҕас хоско олорон эһээхэй барахсан этэ-сиинэ бааһыран  балыыһаҕа сытар.

Үйэҕэ биирдэ бэриллэр кыра бырыһыаннаах Уһук Илин ипотеканан туһанан дьиэлэниэхпит диэн эрэммит төһөлөөх элбэх дьон албыннатта! Дьону албыннаабыт, харах уутунан сууннарбыт суобаһа суох тутааччылар тоҕо миэрэҕэ тардыллыбаттарый? Кинилэр харчыга хараҥарыыларыттан сылтаан оҕолор, дьиэ кэргэн эмсэҕэлиир. Кураанахха ипотека харчытын төлүүр иэдээн буолбатах дуо?

Дмитрий Демешин сорудаҕын өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата, Дьокуускай дьаһалтата толорор ини диэн эрэнэбит. Буруйдаах миэрэҕэ тардыллыахтаах!

What’s your Reaction?
+1
12
+1
3
+1
0
+1
0
+1
9
+1
0
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

14 минут ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

1 час ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

1 час ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

2 часа ago