Кулун тутар 26 күнүгэр СӨ духуобунаһын академига, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Доллонов салайааччылаах бөлөх Уус Алдан улууһун Курбуһах сэлиэнньэтигэр ыалдьыттаата.
Василий Егорович Пестряков-Курбуһах уола Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһугар киирбитин бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ сойуустан Г.Г.Басылайканова-Кэнтик кыыһа, З.Д.Федотова-Дьол кыыма, Т.М.Петрова-Мойуу кыыһа уонна “Бүлүү сарыала” түмсүү салайааччыта А.Д.Чиркова сырыттылар.
Н.С.Пестряков аатынан Уус Күөл модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ М.А. Пестрякова 20-с сылын үлэлиир. Кини хас биирдии кинигэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Уурбут-туппут курдук сылаас бибилэтиэкэҕэ араас тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр буола тураллар.
Чөл олохтоох Курбуһах нэһилиэгэр “Куду” хоһоон хонуута, ону таһынан араас түмсүүлэр: “Дуораан” эр дьон ансаамбыла, аҕалар, дьахталлар түмсүүлэрэ, 3-с саас оскуолата, ”Төлөн” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ бааллар. Курбуһахха кулууп тутуллан, бибилэтиэкэ киэҥ, сырдык саалаланара буоллар, олохтоох дьон төһө эрэ абыраналлар этэ. Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга В.Н Петров, олохтоохтор С.П Протопопов, П.П Окоемов уонна бииргэ үөрэммит доҕотторун аатыттан Ф.Н Васильев, ”Сандал” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ С.К. Нафанаилова, бибилэтиэкэр М.А.Пестрякова уонна суруйааччылар Василий Егорович-Курбуһах уолуттан элбэҕи эрэнэ күүтэллэрин этэн туран, айар үлэтигэр алгыс тылларын анаатылар, кинигэлэрин бэлэхтээтилэр.
20 ырыалаах мелодист Василий Пестряков суруйбут “Дойдум миэнэ Курбуһаҕым” уонна А.Д Чиркова-Вилюйчана тылыгар, Василий Егорович мелодиятыгар В.И.Курилкин ыллаан сэргэхситтэ. “Кырсаада” түмсүү кыттыылаахтара Курбуһах уолун хоһооннорун аахтылар.
Ыалдьыттар салгыы Н.М.Винокуров аатынан инбэлииттэр интэринээт- дьиэлэригэр истиҥ-иһирэх көрсүһүүгэ сырыттылар. Икки этээстээх таас дьиэҕэ 50 киһи олорор. Интэринээт дириэктэрэ Мария Владимировна, повар М.Н. Тимофеева итии чэйдээх үөрэ көрүстүлэр. ХИФУ доцена, СӨ айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ П.А Гоголева бибилэтиэкэҕэ уонна интэринээт-дьиэҕэ урукку классиктар кинигэлэриттэн уонна саҥа тахсыбыт кэпсээннэрдээх элбэх кинигэни бэлэх ыытта. Үлэһиттэр интэринээт иитиллээччилэрин ааттарыттан “Истиҥ иэйиилээх, алыптаах түгэни тэрийэн, сүргэбитин көтөҕөн, санаабытын чэпчэтэн аастыгыт”, — диэн тыллардаах махтал суруктары суруйааччыларга туттардылар.
Галина БОРИСОВА-Толбооно, РФ Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…