Биллэрин курдук, кырках (изжога), ис үллэрэ уонна аҕынньы төллөрө киһи күннээҕи туругар мэһэйдииллэрин ааһан, куртах уонна оһоҕос сыыһа үлэлииллэрин биллэрэллэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М.Н.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин диетологтарын сүбэлэрин билсиэҕиҥ.
Сарсыардааҥҥы уонна эбиэт аһылыгын хааман иһэн хабыалыыр туһунан умун, аһыыр кэмҥэр ыксаама, итии аһылык хайаан да баар буолуохтааҕын умнума. Наар биир бириэмэҕэ аһыыр үөрүйэх куртахха ас сөпкө уонна түргэнник буһарыгар көмөлөөх.
Саахар куртах-оһоҕос трагар аһылык көөнньүүтүгэр тириэрдэр. Ол туһалаах биэсэстибэлэри иҥэриниини мөлтөтөр уонна куртах микрофлоратын баланса кэһиллэр. Минньигэс аһылык кэнниттэн сотору буолан баран ис үллэрэ — ол аата бэйэҥ туруккар уларыйыы тахсыбытын төрүөтэ.
Ыыһаммыт астары, сытыы амтаннаах тумалары, арыылаах уонна аһара аһыы бүлүүдэлэри, гаастаах утахтары, кофены уонна кофеиннаах бородуукталары куртах ыарырҕатыан сөп. Онон ас куртахха үчүгэйдик буһарын туһугар сыалаах-арыылаах бүлүүдэлэри оргуйбут эбэтэр бэйэтин симэһинигэр буспут аһылыгынан солбуйуохха сөп. Элбэхтик оҕуруот аһын сиэ (бэйэтинэн эбэтэр паарга оргутуллубуту).
Хамсаныы – олох. Онон эт-сиин ноҕуруускаланара быһыыны-таһааны эрэ буолбакка, ас-үөл буһарын тупсарар. Сатыы хаамыы, бэлэсипиэти тэбии, салгыҥҥа хамсаныылаах оонньуулар түмүктэригэр хаан эргиирэ, ол иһигэр аһы буһарар систиэмэ уорганнара, тупсаллар. Ол аата куртах-оһоҕос трагын функциялара бары чиҥ туруктана түһэллэр, куртахха ас үчүгэйдик буһар.
Табаҕы тардыы, испиирдээх утахтары иһии уонна куртахха ас буһуута туох ситимнээхтэрий дии саныахха сөп. Дьиҥэр, быһаччы ситимнээхтэр: табаах буруотун уонна испиирдээх утахтар компоненнарыттан сылтаан, куртах-оһоҕос трагар иҥэмтиэлээх биэсэстибэлэри иҥэринии “хаамыыта” кэһиллэр. Ону таһынан ити биэсэстибэлэр токсическай дьайыылаахтар уонна аһара табахтааһыҥҥа, арыгыны иһиигэ куртах уонна оһоҕос салыҥнаах бүрүөлэрэ толорор функциялара кэһиллэллэр. Онон, куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныы – ас-үөл куртахха үчүгэйдик буһарыгар өссө биир хардыы.
Манна даҕатан эттэххэ, Мэдиссиинэ национальнай киинигэр эмтэнээччилэргэ 16 эмтээх диетанан анал эмтиир аһылык көрүллэр, оттон балыыһаҕа сылдьааччыларга уонна үлэһиттэргэ Сиэрбис сулууспаларын диетическай менюлара туһаныллар.
Диетологтар аһылык култууратыгар уонна эрэһиимигэр ураты болҕомтону уурарга сүбэлииллэр.
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…