Куртах сайылыкка үлэ күөстүү оргуйар

Share

СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин Ньурба улууһун Акана бөһүөлэгин О.П. Марков аатынан салаата быйыл аан бастыкытын сайылыкка тахсан самаан сайын үтүөтүттэн сомсо сылдьаллар. Аны туран, аан бастакытын саха ынаҕын сүөгэйиттэн арыы оҥордулар.

2020 сыллаахха ахсынньы ыйга 100 миэстэлээх аныгы, толору хааччыллыылаах хотон тутуллан үлэҕэ киирбитэ. «Кылыс» (Горнай, Маҥарас), «Таастаах» (Нам, Таастаах) уонна «Күллэги» (Амма, Болугур) салааларыттан барыта 50 төбө саха сүөһүтүн тиэйэн илдьибиттэрэ. Андрей Владимирович Игнатьев салайыытынан үлэ-хамнас ыытыллар.

Күн бүгүн барыта 129 төбө баар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 23. Салайааччыттын ааҕан турар барыта 5 үлэһит баар. Бэлиэтээн эттэххэ, сүрүн үлэһиттэр 4 эр киһи. Кинилэртэн биирдэстэрэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар.

Олег Петрович Марков аатын сүгэр салаа быйыл үүккэ былаана – 3 туонна. Сүрүннээн сүөгэй, арыы оҥороллор. Үүтүнэн да атыылыыллар. Уопсайынан, бородууксуйа былдьаһыгынан Аканаҕа бүтэр.

Сайыҥҥы кэмҥэ уолаттар уоппускаҕа барбыт кэмнэригэр, сайылыкка ыанньыксытынан уонна үүт аһы астааччынан 2 далбар хотун үлэлии-хамсыы сылдьар.

Куртах сайылык Аканаттан 10 км, онтон Чкалов диэн учаастактан (сүөһүлэр кыстыыр сирдэриттэн) 8 км. тэйиччи сытар. Сайылыкка титиик уонна икки кыбартыыралаах үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ тутуллан, уот киирэн сайылыкка үлэ күөстүү оргуйар.

Онтон ыһыллыы кэмигэр бу сайылыкка олох эмиэ тохтообут курдук буолбута. Дьэ, онтон саха сүөһүтүн салаата Чкалов учаастагар аһыллан, иччитэхсийэн турбут сайылык биирдэ сэргэхсийэ түстэ.

Светлана Максимовна Степанова 1983 сыллаахха оччотооҕу сиэринэн «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн комсомольскай ыҥырыынан сопхуоска үлэлии тахсыбыт. Икки сыл үлэлээт үөрэххэ барбыт. Ол кэннэ 40-ча сыл буолан баран дьэ, Куртах сайылыгар үлэлии, сайылыы тахсыбыт.

Билигин Куртах сайылыгар бостуук сайдыыр саҥата, атыыр оҕус айаатааһына, ынах маҥарааһына, түптэ буруота, оҕо-аймах үөрүүтэ барыта баар.

Сайылык барахсан өлгөм үүт, эмис эт буоллаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago