Куруппа сыаната төһөнүй?
Дьокуускайга кууһунан атыылыыр Чернышевскай уулуссатын 66 №-дээх базатыгар өрөбүлтэн ураты күннэргэ атыы киэҥник ыытыллар. Манна дьон сыаната арыычча сөбүгэр диэн “1-кы нүөмэрдээх” маҕаһыыҥҥа сылдьаллар. «Агромастер» диэн ааттаах оҥорон таһаарааччы бородууктатын хамаҕатык атыылаһаллар.
Бу сэтинньи ыйдааҕы сыана хайдаҕый? Ол курдук, 800 г. горох – 59-90, 1,5 киилэлээх горох – 114,80, 700 г. маннай куруппа – 49,50, 1,4 киилэлээх маннай куруппа 95-90, 800 г. гречка – 69-95, 1,5 киилэлээх гречка – 127-90 солкуобайга атыыланар.
“Султан” диэн оҥорон таһаарааччы мииҥҥэ кутуохха сөптөөх мокоруонун – 56-90 (400 г.), спираль көрүҥнээх мокоруонун – 56-90 (400 г.) солк. атыылаһыахха сөп.
Фруктаны, оҕуруот аһын атыылыыр маҕаһыынтан “Павлов “ ИП (Хаҥалас) чөчөгөйүн сыаната куорат атын маҕаһыыннарынааҕар чэпчэки. Саахар сыаната “Токко” маҕаһыынтан ыарахан.
Базаҕа маҕаһыын эрэ дэлэгэй. Ыксаабат дьон сыананы үөрэтэн баран атыылаһаллара быдан ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: